Покровскайдааҕы кыыл ферматыгар кыстык саҕаланна
Главное
-
27 ноября в 08:41Парламентом Якутии во втором чтении принят законопроект о государственном бюджете
-
27 ноября в 08:00Бюджет территориального фонда ОМС Якутии увеличен на 9,7 млрд рублей в 2025 году
-
27 ноября в 07:31Более 29 тысяч жителей Якутии получили знаки отличия комплекса ГТО
-
27 ноября в 07:05Уунан сайыҥҥы сырыы түмүгэ таҕыста
Хаһаайыстыба олохтоохторугар аһылык кэмэ. Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыллары күҥҥэ биирдэ аһаталлар. Үлэһиттэр салаанан арахсан, хас биирдиилэригэр 150-нии кыыл сыһыарыллар. Анна Павловна Кириллина хаһаайыстыба саамай мааны кыылын, күндү түүлээх бастыҥын кииһи көрөр-харайар. Кини салаатыгар 400 бу көрүҥ кыыл баар.
Анна Кириллина, Покровскайдааҕы килиэккэлээх кыылы иитэр хаһаайыстыба үлэһитэ: «Көрөбүт истэбит. Кыыллар уйаларын ыһан кэбиһэллэр ону күнү быһа маныыбыт. Төрөөбүттэрин кэннэ маныыбыт, оҕолорун сиэн кэбиһиэхтэрин сөп».
Киискэ төрүөх сылга биирдэ буолар. Сайын бэс уонна от ыйыгар. Элбээбитэ 5 оҕолонуохтарын сөп. Бу сылга төрүөх мөлтөх диэн исписэлиистэр этэллэр. Санатан эттэххэ, бу киистэри 2019-2020 сылларга Иркутскай уобалаһыттан уонна Татарстан өрөспүүбүлүкэтиттэн аҕалбыттара. Кэлии кыыллар буолан, Саха сирин тыйыс тымныы усулуобуйатыгар үөрэнэллэригэр хас да сыл барар. 5 сыл кэннэ дьэ олохсуйуохтаахтар, төрүөх да көрдөрүүтэ үрдүөхтээх.
Хаһаайыстыбаҕа күн бүгүн балтараа тыһыынчаттан тахса саһыл, 800 кэриҥэ киис баар. Маны тэҥэ 60 кырса иитиллэр. Эрдэ ферма саһыл иитиитигэр ордук болҕомто уурар эбит буолллаҕына, кэнники сылларга кырсаны элбэтэр сыаллаах.
Христина Мордовская, Покровскайдааҕы килиэккэлээх кыылы иитэр хаһаайыстыба үлэһитэ: «Ахсааннарын аҕыйатан турабыт. Билигин кырсалары иитэн саҕалаатыбыт. Былырыын 30 этилэр, билигин 60 тахса».
Кырдьык да, урукку сылларга Саха сиригэр килиэккэлээх кыылы иитэр хаһаайыстыбалар сүүһүнэн ахсааҥҥа тиийэ сылдьыбыттара. Билигин тарбахха баттанар аҕыйахтар. Ол эрэн, кэнники сылларга болҕомто ууруллан. Бэйэ күндү түүлээх ырыынагын сайыннарыыга көдьүүстээх үлэ барар. Ол бастакы хардыыта, бу киистэри атын регионнартан аҕалан олохсутуу буолбута. Онтон дьэ кырсаҕа ылыстахтарына ахсаан элбиир, хаһаайыстыба кэҥиир чинчилээх.