Өлүөнэ өрүскэ маҥнайгы муус суола арылынна
Главное
-
26 ноября в 08:31Дьокуускайга автобус сырыыларыгар бу күһүҥҥүттэн уларыйыылар киирдилэр
-
26 ноября в 08:07Многодетных матерей Якутска приглашают принять участие в проекте "Преображение"
-
26 ноября в 07:42Школьники из Якутии одержали победу на Всероссийской олимпиаде "Иннагрика"
-
26 ноября в 07:15В Якутии установили около 20 тысяч пожарных извещателей
Көҥүлү биэриэх иннинэ өрүс мууһун дьөлө үүттээн халыҥа кээмэйдэнэр. Түөрт араас сиргэ буурдууллар. Ол курдук Хатас өттүттэн киириигэ, эбэ саамай дириҥ сиригэр уонна арыы анараа өттүгэр.
Хамыыһыйа 3 туонна уйукка муус халыҥа эппиэтиирин быһаарар итиэннэ саҥа оҥоһуллубут муус суол туруга бэлэмин, оҥоруу хаачыстыбата үчүчгэйин барытын учуоттаан туран көҥүлү биэрэр. Кыһылынан тыган турбут светофор күөххэ уларыйар. Бастакы массыыналар айаннаабытынан бараллар.
Анатолий Потапов, СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта: «Бүгүҥҥү күҥҥэ кээмэйдээһин көрдөрөрүнэн саамай чараас сирэ – 55см буолар, ол иһин 3 туоннаҕа дылы арыйдыбыт».
Хатаһынан туоруур суол уопсайа түөрт балаһалаах. Онтон үһэ толору бэлэм. Уопсай уһуна 12 килэмиэтир. Туһааннаах суол бэлиэлэрэ турбуттар. Оттон эбэ икки кытылыгар ыйааһыны кээмэйдиир пуун үлэлиир. Манна Өлүөнэ сүнньүнэн айанныыр массыына уйугун бэрэбиэркэлииллэр.
Бу барыта түмүллэн сырыы 15 хоунугунан эрдэлээтэ. Билигин кумаҕынан барар төрдүс балаһа оҥоһуута ыытыллар. Тимир көлө иҥнигэһэ суох айанныырыгар анаан кумаҕы уунан кутан кытаатыннарыы барар. Үлэ барыта түмүктэннэҕинэ сырыы икки сүрүн суолунан олохтонуо, оттон икки балаһа саппааска диэн оҥоһуллаллар.
Петр Бурнашев, бэдэрээттээх тэрилтэ салайааччыта: «Нэдиэлэ бүтүүтэ 4 балаһаланыа, оччоҕуна 5 туоннаҕа дылы үрдэтиэхтээхпит. Быйыл үлэ этэҥҥэ барда, күммүт туран биэрдэ».
Ити курдук халлаан туругуттан, муус халыҥыттан көрөн сыыйа уйук үрдүө. Уопсайынан Саха сиригэр хас кыһын аайы 10900 килэмиэтир усталаах кыһыҥҥы суол уонна өрүһү туорааһыннар оҥоһуллаллар. Биир бастакынан Арктика улуустарыгар сырыы олохтонно. Быйыл 47 муус суола үлэлиэҕэ.
Муус суола 2 балаһалаах, өрүс синньиир сиринэн, арыыны үрдүнэн оҥоһуллубут. Эмиэ болдьохтон эрдэ аһыллыбыт. Бу нэдиэлэ бүтүүтэ Бүлүү федеральнай трассаҕа өссө түөрт сиринэн муус суола арыллыа.