Валерий Ноев төрөөбүтэ 85 сылыгар быыстапка турда

28

Ырыа-олох аргыһа. Ырыа киһи сүргэтин өрө көтөҕөр, санаатын сааһылыыр, үөрдэр-көтүтэр. Күн бүгүнүгэр диэри дьон-сэргэ уоһуттан түһэрбэккэ ылыы сылдьар, киһи сүрэҕэр үйэ саас хаалбыт ырыалары айбыт сүдү киһибит норуот мелодиһа Валерий Ноев үбүлүөйдээх 85 сыла. Кини норуокка айан хаалларбыт ырыалара саха норуотугар, култуура эйгэтигэр үйэлэргэ көмүс буукубанан суруллубуттара.

Алексей Егоров, СӨ мелодистарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ: «Саха норуотугар дьикти  дьүрүһүн эйгэтигэр ураты суолу-ииһи хаалларан, чахчы да, биһиги норуоппут киэн туттуута буолан барбыта. Мин кини ырыаларын барытын сөбүлүүбүн. “Киһиэхэ төрөөбүт дойдута” диэн ырыата мин уйулҕабын уһугуннарбыта».  

Валерий Ноев үбүлүөйдээх сылыгар анаан "Сүрэхпит умнуон баҕарбат" диэн ураты быыстапка турда. Быыстапкаҕа хас да түмэлтэн хомуллан олус сэдэх, норуокка биллэ илик экспонаттар көрдөрүүгэ тудулар.

Саргылаана Адамова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ: «Бу дневник оҕолоругар баар. Эмиэ аан маҥнайгытын киэҥ эйгэҕэ тахсан турар. Оннооҕор мин быыстапканы туруора сылдьан бастакыбын көрдүм. Наар кэпсээнин истэр этим, күөх тэтэрээт кистэлэҥэ диирин».  

Итиэннэ Валерий Ноев төрөөбүтүн туһунан туоһулуур докумуон, ону сэргэ олохтон барара биир ый иннинэ соҕурууттан экспертэр кини икки ырыатыгар ыыппыт докумуоннара аан бастакытын көрдөрүүгэ турдулар.

Валерий Ноев үбүлүөйдээх сылын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, төрөөбүт дойдутугар Амма улууһугар киэҥ далааһыннахтык бэлиэтээтилэр.

Ньургуйаана Илларионова, Амма улууһун баһылыгын солбуйааччы: «Иккис улахан тэрээһиммит, үгэс быһыытынан  өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэ буолбута. Аммаҕа өрө таһаарыылаахтык, үрдүк таһымнаахтык ааспыта».  

Валерий Ноевка анаммыт анал быыстапка ахсынньы 10 күнүгэр диэри көрдөрүүгэ туруоҕа. Ол кэннэ үбүлүөйдээх сылы түмүктүүр  Дьокуускай куоракка Валерий Ноев суруйбут ырыаларынан улахан кэнсиэр ыытыллыаҕа.