"Идэһэ" дьаарбаҥкаҕа олохтоох эт, үүт сыаната

30

Атыы-тутуу үгэнэ. Эти маннык миэстэнэн атыылаһыы сүрүннээн «Идэһэ» эрэ дьаабаҥкаҕа көрөҕүн. Эт эгэлгэтэ, балык сибиэһэйэ барыта манна тэлгэммит. Бэл, кыһыл кинигэҕэ киирбит хатыыһы кытта атыылаһыахха сөп.

Айаал Никитин, атыыһыт: «Бу уонтан тахса киилэлээх хатыыс. Киилэтэ 1650 солкуобай буолар».  

Өрөбүл күннэргэ Хомсомуол болуоссата кыһыҥҥы хаһаас ас киинигэр кубулуйда. Уҥа көр - ынах этэ, хаҥас - убаһа этэ, иннин хоту - балык эрээтэ. Быйылгы "Идэһэ" дьаарбаҥкатыгар сүрүннэн киин улуустартан 34 кыттааччы бэйэтин бородууксуйатын атыыга таһаарда.

Павел Чириков, Идэһэ" атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийээччи: «Миэстэтигэр эт эрбиир өҥөнү тэрийдибит. Дьон наһаа наадыйар эбит. Сарсыардаттан уочарат бөҕө. Эт элбэх атыыланна».   

Эт эрбэтэр дьоҕус сыах тохтоло суох тигиниир. Быыстала суох дьон кэлэн миэстэнэн, чиэппэринэн атыыласпыт этин эрбэтэр. Эти улаханыттан көрөн сыана 350 солкуобайтан саҕаланар. Сыахха уочарат кытта тардылынна.

Киин улуустары тэҥэ, биирдиилээн илин эҥэрдэр эттэрин эмиэ атыыга аҕалбыттар, ол курдук Амма, Чурапчы улууһун убаһатын, ынаҕын этин амсайыахха сөп. 

Ирина Ядреева, чааһынай эргиэмсик: «Убаһа этэ 900 солкуобайтан саҕалаан 1500 тиийэ барар. Оттон ынах 700-1000 солкуобай».  

Убаһа хаанын 2 тыһыынчаҕа, хартатын 1200 уонна быарын 4500 тыһыынчаҕа атыылаһыахха сөп. Көмүс хатырыктааах араас көрүҥэ эмиэ хото тэлгэммит. Ыраах Усуйаана улууһун Тумат нэһилиэгиттэн кэлэ сылдьар Артур Гуляев бэйэлэрэ балыктаабыт балыктарын атыылыыр.

Артур Гуляев, Усуйаана улууһун олохтооҕо: «Бэйэбит атыылыыр буолан сыананы тутабыт. Маны таһынан атыттартан чэпчэки соҕус оҥоро сатыыбыт. Холобур, чыыр киилэни кыайбат буоллаҕына 550 солкуобай, оттон киилэлээҕин 750 солкуобайтан саҕаланар».  

Дьаарбаҥкаҕа эти-балыгы таһынан, полуфабрикаттары, ынах арыытын, араас бородууксуйаны эмиэ ылыахха сөп.

Галина Лебедева - атыыһыт

Сорох дьон кыстыкка диэн эти миэстэнэн ылар эбит буоллаҕына,  баҕалаах эти биир үксүн кыралаан, киилэнэн атыылаһар.

Виктор Сивцев,  Дьокуускай олохтооҕо: «Таба сүрэҕин ыһаарылаан дьаарбаҥкаҕа кэлбит дьону күндүлээтибит. Онон бүгүн атыыбыт син хамаҕатык атыыланна».  

Сыана төһө да ыараханын үрдүнэн дьон-сэргэ кыстыыр этин булунна. Маннык "Идэһэ" дьаарбаҥкатын сэтинньи бүтүүтэ эмиэ тэрийиэхтэрэ.