Киин куоракка хаар ыраастааһына икки симиэнэнэн тохтоло суох ыытыллар
Главное
-
18 ноября в 09:38Учебный комплекс для подготовки будущих нефтяников открыли в поселке Светлый Мирнинского района
-
18 ноября в 09:34Сотрудники Госавтоинспекции провели акцию ко Дню памяти жертв ДТП в Якутске
-
18 ноября в 09:14В Оленекском и Сунтарском районе открыты две ледовые переправы
-
18 ноября в 09:14Увеличен размер выплат для получивших инвалидность бойцов СВО
Дьокуускайга Саҥа Дьыл тыына улам биллэн эрэр. Орджоникидзе болуоссатыгар куорат сүрүн харыйатын киэргэтии ыытыллар. Ол курдук үлэһиттэр харыйа симэҕин иилэр түбүгэр сылдьаллар. Бу күннэргэ хаар хойуутук түһэн тустаах үлэһиттэргэ үлэлэрэ биллэ элбээтэ. Ол курдук болуоссаттар, сквердэр хаардарын ыраастааһын күннэтэ ыытыллар. Валерий Львов "Якутдорстрой" тэрилтэҕэ бу сайыҥҥыттан ыла үлэлиир. Валерий хаар быйыл аҕыйах, өссө ситэ түһэ илик диэн бэлиэтиир, ол эрээри күн ахсын хаар үлэтэ биллэн турар аҕыйаабат.
Валерий Львов, суол тэрилтэтин үлэһитэ: "Бииргэ үлэлиир киһибин кытта кыра тыраахтырга сыһыарыылаахпыт. Үлэ күннэригэр суол кытыытын хомуйабыт, оттон өрөбүллэргэ болуоссаттарга ыыталлар".
Дьокуускайы хаартан ыраастыырга анаан-минээн ортотунан 50ча тиэхникэ тахсар. Араас күҥҥэ-дьылга томороон да тымныыга, өҥүрүк да куйааска түбүгүрэр үлэһиттэр икки симиэнэнэн арахсан сууккаҕа 8-12 чаас быыстала суох хаары ыраастыыллар. Бу маннык болуоссаттарга, свердэргэ, тротуардарга улахан болҕомтону уураллар.
"Суол-иис үлэһирттэрин сүрүн соруга куорат хаарын ыраастааһын буолар. Күннэтэ үлэ тиһигин быспакка барар. Ону таһынан халтараан сирдэргэ кумах, бытархай таас куталлар. Ол курдук бу күһүҥҥүттэн 1 тыһыынчаттан тахса кубометр кумах кутулунна", Татьяна Николаева, корреспондент.
Этиллибитин курдук оптуобус тохтобулларыгар, эргиир итиэннэ элбэх сырыылаах суолларга өрүс кумаҕын, бытархай тааһы куталлар.Хаары хомуйуу үлэтигэр аҥаардас суол эрэ тэрилтэтэ буолбакка, хас биирдии уокурук эбии тэрилтэни кытыннаран, хаары уопсай күүһүнэн хомуйаллар. Маныаха уокуруктар үлэһиттэрэ, муниципальнай дворниктар эмиэ көмөлөһөллөр.
Анатолий Стручков, Октябрьскай уокурук дворниктарын биригэдьиирэ: "Бастаан бэйэбит салалтабыт аттын хомуйабыт. Онтон салайааччыбыт ханна барыҥ диэн сорудахтаабыт сиригэр салгыы үлэлии барабыт".
Сэтинньи ый ортолоһон кыһыммыт сыыйа тымныытын күүһүгэр киирэн эрэр. Түүнүн биллэ тоҥорор. Мантан кыһын хаар элбээтэҕинэ үлэ өссө эбиллиэ турдаҕа.