Дьокуускайга нэдиэлэ иһигэр 41 суол саахала таҕыста

66

Суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар инспекция үлэһиттэрэ бу анал аахсыйаны сылын аайы ыыталлар. Хомойуох иһин, төһө да өйдөтөр уонна сэрэтэр үлэлэр күннэтэ ыытыллалларын үрдүнэн, суол быраабылатын кэһээччи ахсаана уҕараабат.

Влада Охлопкова, Дьокуускай куорат суолга-иискэ салалтатын сэрэтэр үлэҕэ салаатын иниспиэктэрэ: аспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ быйыл суол саахала аҕыйаан турар. Ол эрэн, хомойуох иһин, киһи өлүүлээх быһылаан элбэх. Былырыын баччаҕа 14 киһи этэ, быйыл 16 киһи. Бу иннинээҕи сыл суол быһылааныгар оҕо суорума суолламматаҕа".

Николай Дьячковскай уопуттаах суоппар, суол быраабылатын куруук тутуһар, бириэмэтигэр массыынатын көрдөрүнэр. Ордук суол саахала аһыы утаҕы испит киһи уруулга олордоҕуна араас быһылааннары таһаарарын үллэстэр.

Николай Дьячковский, Дьокуускай куорат олохтооҕо: "Арыгы иһэн баран уруулга олорор олоҕу кыттаа оонньооһун буолар".

Суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар иниспиэксийэ иһитиннэрэринэн, сыл саҕаланыаҕыттан киин куорат суолларыгар уопсайа 3 тыһыынча кэринэ суол саахала бэлиэтэммит, 400 тахса киһи араас эчэйиини ылбыт,  хомойуох иһин, 16 киһи суорума суолламмыт. Оттон нэдиэлэ иһигэр статистика көрдөрөрүнэн 41 суол саахала бэлиэтэммит.

Жанна Макарова, Дьокуускай куорат суолга-иискэ салалтатын сэрэтэр үлэҕэ салаатын инспиэктэрэ: "203 түөлбэҕэ сатыы сылдьар 16 саастаах оҕону түҥнэри көттүлэр. Маны сэргэ Кальвица уонна Халтурина уулуссалар быһа охсуһууларыгар  2006 төрүөх киһини түҥнэри көтөн баран суоппар куотан хаалла".

Болҕомтото суох сыһыантан, суол-иис быраабылатын тутуспаттарыттан, суоппар аһыы утаҕы иһэн баран уруулга олорбутуттан ордук суол саахала тахсар. Онон суоппардар уонна сатыы сылдьааччы дьон  суолга-иискэ сэрэхтээх уонна эппиэтнэстээх буоларгыт ирдэнэр.