Хоту улуустарга бөрө мэнээктиир

53

Бөрө ордук хайалаах улуустарга мэнээктиир. Эбээн Бытантайга быйыл адьырха улахан хоромньуну таһаарда. Күн бүгүн улууска 13500 төбө таба баар. Улуус тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччы Лена Бочкарева кэпсииринэн бөрө кыһалҕата быйыл ордук сытыырхайда. Күн бүгүн биир биригээдэ тэриллэн уонна табаһыттар бэйэлэрэ ардай аһыылааҕы маныыллар.

Лена Бочкарева, Эбээн Бытантай улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччы: «Билэрбитинэн 60-ча бөрө баар улуус үрдүнэн. Табаны эһэн эрэллэр, хаар суох буолан кыайан бултаабакка сылдьабыт. Билиҥҥи туругунан 322 төбө табаны сиэтилэр. Табаһыттар бэйэлэрин күүстэринэн табаларын манаан сылдьаллар. Элбэх хорумньуну оҥордулар бөрөлөр».

Эбээн Бытантайга хас биирдии бөрө аайы булчукка 200 лиитэрэ сэлээркэ көрүллэр. Маны сэргэ күрэх биллэриллэн турар, саамай элбэҕи бултаабыкка "Буран" бириис. Ити курдук сиэмэх кыылы утары улуус аайы өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр төлөбүрү таһынан эбии миэрэ олохтонор. Оттон сыллата өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан ардай аһыылааҕы аҕыйатыыга үбүлээһин көрүллэр. Холобур, ааспыт сылга, 8600, оттон быйыл 5900. Бу харчы биригээдэлэри тэрийиигэ барар.

Иннокентий Семенов, Айылҕа баайын уонна Ытык харыстанар сирдэр дирекцияларын салайааччытын солбуйааччы: «35 биригээдэ үлэлэтиэхпит, ол таһынан 4 мобильнай биригээдэ баар буолуо».

Күн бүгүн адьырҕа бары хотугу улуустарга улахан кыһалҕаны үөскэтэр. Ордук хайалаах улустарга уустук.  Барыллаан ааҕынан Саха сиригэр 176 тыһ. хоту маанылаах кыыла баар, бу инники сылтан мөлтөх көрдөрүү. Маныаха биир сүрүн төрүөт - бөрө.

Иннокентий Баланов, СӨ ТХМ хотугу төрүт дьарыктары уонна балыктааһыны сайыннарыы салаатын салайааччы: «Табаһыттар быйылгы былааны ситиһэллэригэр эрэнэбит. Быйыл хаар аҕыйах буолан бултуурга ыарахаттардаах».

Оттон бултаммыт бөрө тириитин тутуу үбүлээһин тыырылыннаҕына саҕаланыа.