Дьокуускайга хайыһарга куорат чемпионата ыытылынна
Главное
-
24 ноября в 11:13В Якутске завершился 82-й Чемпионат республики по шахматам
-
24 ноября в 10:14Сотрудники Мирнинско-Нюрбинского ГОКа проверили здоровье на рабочем месте
-
24 ноября в 08:46Интервью с заместителем начальника Якутского УГМС - начальником гидрометцентра Татьяной Маршалик
-
24 ноября в 07:41Министр строительства республики проверил ход строительства образовательных объектов в Якутске
"Туймаада киэһээҥҥи уоттара" - Дьокуускай куорат Чемпионата уонтан тахса сыл устата таһырдьа хараҥарыыта ыытыллар. Төһө даҕаны халлаан тымныы буоллар хайыһары сөбүлээччилэр Теплай күөлгэ тоҕуоруһа муһуннулар. Быйыл барыта 14 хамаанда 90-тан тахса кыттааччыны туруорда.
Альберт Трофимов, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата: «Арассыыйа үрдүнэн бастакы старт ыыттыбыт Алдаҥҥа. Онтон бу Дьокуускай куораппытыгар эмиэ бастакы старды ыыттыбыт».
Оҕолор бөлөхтөрүгэр саамай элбэх эдэр кэскиллээх хайыһардьыт суруттарда. Ол курдук оҕолор барыта 4 бөлөххө арахсан балтараа уонна 3 км сүрэллэр. Эдгар Павлов уонна Маргарита Семенова Хатас оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин дистанцияларыгар -1,5 км тэҥнээхтэрин булбатылар.
Эдгар Павлов, Хатас орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ: «Хайыһар үчүгэй. Салгыҥҥа сылдьан күүстээх майгылаах буолаҕын».
Эдгары уонна Маргаританы Аан дойду чемпионнарын иитэн таһаарбыт үтүөлээх тренер, физическэй культура уонна спорт бочуоттаах үлэһитэ Степан Контоев дьарыктыыр. Бүтүн 80 саастаах Степан Степанович оҕолоругар ыалдьа кэлбит, бэйэтэ спорду, хайыһары үйэтин тухары доҕор-атас оҥостон кэлбит ытык уһуйааччы хайыһар ынан сааһыттан тутулуга суох дьарыктаныахха сөп диэн этэр.
Степан Контоев, СӨ хайыһарга үтүөлээх тренерэ, физкультура уонна спорт бочуоттаах үлэһитэ: «Төрөппүттэр оҕолоргутун хайыһарга таһаарын. Үчүгэйдик таҥыннарын, аадьуо саҕалаан уонна үчүгэй тренери булун».
Быйылгы Чемпионакка элбэх оҕо кыттыбыта үөрдэр диэн тэрийээччилэр этэллэр. Күрэхтэһини сыллата 4 уонна 5 нүөмэрдээх оҕо спортивнай оскуолалара физкультура уонна спорт Салалтатын кытта көҕүлээн тэрийэллэр.
Гаврил Трофимов, күрэхтэһии кылаабынай сэкэрэтээрэ: «Дистанциябыт кыраларга – 1,5 км. Улахан оҕолор – 3 км».
Уонна эр дьон 40 саастарыгар диэри 4,5 км, итиэнэ 40 ааспыттар балтараа км сүүрдүлэр. Уус Алдан улууһуттан төрүттээх Евгений Кривошапкин урут оскуолаҕа сылдьан хайыһардыыр этим, онтон 22 сыл кэннэ ааспыт сылтан доруобуйабын бөҕөргөтөр инниттэн хайыһардыыр буоллум диэн санаатын үллэстэр.
Евгений Кривошапкин, күрэхтэһии кыттыылааҕа: «70-80 саастаах дьоннор эдэрдэр курдук сылдьалларын көрөн ымсыыран дьарыктанан саҕалаатым».
Хайыһар күһүҥҥү сезона маннык Дьокуускайга аһылынна. Түмүккэ хас биирдии бөлөххө дистанцияларынан кыайыылаахтар ааттаннылар. Кинилэр мэтээллэринэн, грамоталарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар.