Саха сирин учуонайа туойтан тутар матырыйааллары оҥорууну чинчийэр
Главное
-
24 ноября в 11:13В Якутске завершился 82-й Чемпионат республики по шахматам
-
24 ноября в 10:14Сотрудники Мирнинско-Нюрбинского ГОКа проверили здоровье на рабочем месте
-
24 ноября в 08:46Интервью с заместителем начальника Якутского УГМС - начальником гидрометцентра Татьяной Маршалик
-
24 ноября в 07:41Министр строительства республики проверил ход строительства образовательных объектов в Якутске
Төрүт дьарыгы сөргүтүү. Бү дьоҕус мастарыскыайга хас эмэ тыһыынчанан сыллар анараа өттүлэригэр тэнийэ сылдьыбыт күөс охсуу кистэлэҥин Василий Тагров чинчийии нөҥүө арыйар. Учуонай археологическай хаһыыга булуллубут туой иһиттэр кырамталарыттан састаабын быһаарар. Маныаха сөргүтүүгэ туойу таҥастааһын бары түһүмэҕин оҥоруу булгуччулаах.
Василий Тагров, Хотугу сир физико-техническэй кыһалҕаларын чинчийэр институт сүрүннүүр инженерэ: «Иһит тахсар туойа үчүгэй тутуу матырыйаала буолар. Ол иһин бастаан иһит оҥорон көрүөххэ наада».
Василий Тагров өбүгэ үгэһин тилиннэриигэ үүнэр көлүөнэ ыччаты сыһыарар. Сыллата оҕолору кытта экспедицияҕа сылдьан историяны үөрэтээһинтэн бары арыйыылар тахсаллар.
Василий Тагров, Хотугу сир физико-техническэй кыһалҕаларын чинчийэр институт сүрүннүүр инженерэ: «Аһыыр иһиттэрин алдьархай чараас уонна кытаанах гыналлар. Ол 3 тыһ. сыл аннаараа өттүгэр технологиялара алдьархай сайда сылдьыбыт».
Дьэ ол кэннэ учуонай өбүгэ төрүт дьарыгын билиҥҥи олоххо-дьаһахха туттууну үөрэтэр, оҥорон таһаарар. Василий Тагров Саха сирин туойуттан тутар матырыйаал оҥорбутун көрдөрөр. Пенакерамикаттан тутуллбут дьиэ учуонай суоттуурунан сылааһын өр тутуохтаах. Кини этэринэн, билиҥҥи дьиэлэр оттор эрэ күүһүнэн сылаастар. Оттон бу инникилээх матырыйаал энергияны харыстааһыҥҥа туһуланар.
Василий Тагров, Хотугу сир физико-техническэй кыһалҕаларын чинчийэр институт сүрүннүүр инженерэ: «Бу матырыйаал үчүгэйэ диэн шлакоблоктан чэпчэки, оннук курдук кытаанах, гынан баран итиини тутара үчүгэй».
Маны сэргэ Василий Тагров хаһыы кэмигэр булуллубут чап-чараас иһиттэн, өбүгэлэрбит таас керамика диэн ньыманы баһылыы сылдьыбыттарын быһаарбыт. Итиэннэ кристаллическай структуратын үтүгүннэрэн бу курдук кытаанах матырыйаалы таһаарбыт. Маны дьиэ таһын бүрүйүүгэ, кафель оннугар истиэнэҕэ, муостаҕа сыһыарарга туһаныахха сөп. аны бу матырыйаалтан буулдьа хотуппат куйаҕа дэбигистик оҥоһуллар.
Василий Тагров, Хотугу сир физико-техническэй кыһалҕаларын чинчийэр институт сүрүннүүр инженерэ: «Бастаан ытыалаан көрбүппүт тохтоппотоҕо. Температуратын, састаабын кыратык уларытан, буулдьа тохтотор таһымҥа таҕыстыбыт».
Номнуо туой куйаҕы олохтоох хамнаанньа анал байыаннай дьайыыга туһаныыга оҥорор. Саха учуонайын айан таһаарыыта кынаанах уонна ыһааһына 30 бырыһыан чэпчэки.