Саха сиригэр хаҥкынан спорт көрүҥэ сайдар
Главное
-
24 ноября в 11:13В Якутске завершился 82-й Чемпионат республики по шахматам
-
24 ноября в 10:14Сотрудники Мирнинско-Нюрбинского ГОКа проверили здоровье на рабочем месте
-
24 ноября в 08:46Интервью с заместителем начальника Якутского УГМС - начальником гидрометцентра Татьяной Маршалик
-
24 ноября в 07:41Министр строительства республики проверил ход строительства образовательных объектов в Якутске
11 саастаах Василина Федорова тренер тугу этэрин эндэппэккэ толорор. Улахан куонкуруһу ааһан, билигин кини Өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакы синхроннай хаҥкылааһын хамаандатыгар киирдэ. Онон биир да дьарыгы көтүппэккэ, буһа-хата сылдьар. Кини хаҥкынан 2022 сыллаахтан дьарыктанан саҕалаабыт.
Василина Фёдорова, хаҥкыһыт: «9 сааспыттан отборга киирбитим. Бастаккы дьарыкпыттан бараары гыммытым. Ый буолан баран сарсыарда бэйэм туран төрөппүттэрбин уһугуннаран миигин дьарыкпар илдьиҥ диэбитим».
Бу күһүн Москва куоракка СӨ хаҥкыга спордун федерациятын бэрэссэдээтэлэ Елена Татаринова салайыылаах бөлөх, улахан мунньахха кыттыыны ылбыттара. Онно Арассыыйа хаҥкыга федерацията, синхроннай хаҥкылааһын билигин инникки күөҥҥэ турарын тоһоҕолоон эппитэ. Бу этии оруннааҕынан, улахан суолталаах буоларын быһыытынан Саха сиригэр аан бастакы бөлөх тэриллиннэ.
Елена Татаринова, сүрүн тренер, СӨ хаҥкыга спордун федерациятын бэрэссэдээтэлэ: «Синхронное катание сейчас один из приоритетных видов в фигурном катании. Мы создали команду наших детей и готовимся. Это сложно, потому что это коллектив из 16 девочек. Они должны исполнить одинаковые наборы элементов на льду синхронно. Это очень сложно».
Оттон биллэн туран, саҥа саҕалааһын хаһан баҕарар ыарахан. Онон манна саамай тутаах дьоннор төрөппүттэр. Оҕолоругар тирэх, өйөбүл буолаллар.
Ирина Фёдорова, төрөппүт: «Сөбүлээн сылдьаллар. Бэйэлэрэ эрдэ туран, дисциплинированнай буоллулар. Мин кыыспынан көрдөххө, дьарыктанара үөрэҕэр, этигэр хааныгар, доруобуйатыгар кытары көмөлөстө».
Билигин номнуо синхронистар аан бастакы улахан күрэхтэригэр бараары бэлэмнэнэллэр. Аны 2 нэдиэлэнэн Дойду тэбэр сүрэҕэр тиийэн, Саха сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ.