Ньидьилигэ тоҕо өрүс балыга элбээтэ?

87

Күөл муҥхатыгар  сордоҥ уонна алыһар кэлбитин көрдөрөр видео социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕанна. Бу Кэбээйи улууһун Арыктааҕар  Ньидьили күөлгэ уһуллубут көстүү. Манна олохтоохтор өрүс, үрэх балыга олус элбэҕиттэн сөҕөллөр.

Кырдьык да, муҥха ийэтэ алыһарынан толору, сиэмэх балык өрө оргуйан олорор. Оттон кынаттарыгар улахан сордоҥнор көстөллөр. Бу - күөлгэ сэдэх көстүү. Киэҥник тарҕаммыт видеону устубут  Степан Ноговицыны булан кэпсэттибит.

Степан Ноговицын, муҥха кыттыылааҕа: "Муҥхабытыгар оруобуна алыһар, сордоҥ турар сиригэр түбэстибит быһылаах. Собобут баар. Кэнники сылларга Ньидьили тула улахан баһаардар буолбуттара. Онно отун-маһын дэлби сиэн уу киирэн собо ыама кыччаата дииллэр. Итиэннэ эбэбитигэр Сиэн үрэх диэн баар, ол үрэҕинэн сордоҥ, алыһар киирэ турар". 

Аатырбыт Ньидьили биир саамай балык бултаах күөл. Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүс хапталыгар сытар. Күөлгэ хас да үрэх түһэр. Онон сордоҥ, алыһар куруутун киирэр. Ол эрэн кэнники сылларга ахсаана биллэ элбээбит. Маннык көстүү Ньидьилигэ эрэ буолбакка үгүс улууска көстөр.

Иннокентий Охлопков, криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун дириэктэрэ: "Чокурдаахтар балыксыттара биһиги күөлбүтүгэр алыһар, сордоҥ үөскээн эрэр, бу биһиги балыкпытыгар улахан хоромньу киллэриэн сөп диэн. Ити улахан кыһалҕа буолан эрэр быһылаах. Маны ким да улаханнык чинчийэ илик, ол иһин ону үөрэтиэххэ наада. Уопсастыбаннай сакаас киирдэҕинэ, үп-харчы көрүлүннэҕинэ биһиги ихтиологтарбыт дьарыктаныахтарын син". 

Саха сирин брендэ буолбут Ньидьили собото бөдөҥүнэн уонна минньигэһинэн аатырыаҕын аатырар. Оттон бааһынай ырыынага Кэбээйи соботун эргийэр киинэ. Мантан өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүгэр тарҕанар.

"Бааһынай ырыынагар билигин илим уонна муҥха собото атыыга баар. Сыаната 400-500 солкуобайга диэри. Ити курдук Кэбээйи собото сылы эргиччи киин куоракка кэлэр, арай сайыҥҥы кэмҥэ кылгастык тохтуу сылдьар".

Муҥха саҥа саҕаланан эрэр буолан балык олус элбэҕэ суох. Станислав Егоров Кэбээйиттэн төрүттээх, Ньидьили соботунан эригинэр. Ол эрэн кини билигин  кыһыҥҥы балык үгүөрүтүк кэлиэр диэри тохтуу сылдьар.

Станислав Егоров, балыгынан эргинээччи: "Сиэмэх балыктар собону сииллэр. Онон олох аҕыйаата. Дьон бэйэтэ да билэрэ буолуо ырыынакка аҕыйаабытын. Сыана да үрдээтэ. Барыта сибээстээх".

Өрүс балыга күөлгэ олохсуйуутун айылҕа уларыйыытын кытта учуонайдар сибээстииллэр. Онон сөптөөх үөрэтии барарын олохтоохтор туруорсаллар.

Степан Ноговицын, муҥха кыттыылааҕа: "Нэһилиэнньэ, олохтоохтор күүскэ айманаллар. Сөпкө айманаллар. Билигин наука да өттүнэн, норуодунай да өттүнэн собону харыстааһыҥҥа үлэни ыытыахпыт диэн эрэннэрэллэр".

Ураты харыстанар сирдэргэ киирсэр аатырбыт Ньидьили күөл холобуругар сытыы кыһалҕа күөрэйэр.