Уоран туорааччылары хонтуруоллуур рейдэлэр ыытыллаллар

111

Бу күннэргэ Хатас Павловскай хайысханан өрүс суолунан массыына туораан иһэр видеота социальнай ситимнэри тилийэ көттө. Бу курдук дьон бэйэ олоҕун кэрэйбэккэ өссө да тура илик мууһунан айанныыр. Маннык көстүү сыллата хатыланар, чараас мууһунан сырыы киһи олоҕор кутталы үөскэтэрэ баччааҥҥа диэри дьон долоҕойугар тиийбэт.

"Күннэтэ хатас кытылыгар ГИМС иниспиэктэрдэрэ уонна быыһааччылар кэтиир-маныыр үлэни ыыталлар. Ол курдук, билигин мууска тахсыы көлө хайа баҕар көрүҥэр бобуулаах. Ол туоһута суол бэлиэлэрэ тураллар", Ирена Осипова, корреспондент.

Бу сырыыга иниспиэктэрдэр уонна быыһааччылар Хатас кытылын аннынан балыктыы олорор дьоҥҥо чугаһаан муус халыҥын бэрэбиэркэлээтилэр, өйдөтөр-сэрэтэр үлэни ыыттылар. Итиэннэ биэрэккэ кэлбит массыыналар суоппардарын тоһуйан кэпсэттилэр. 

Рейдэ кэмигэр мууска киирии түбэлтэтэ бэлиэтэммэтэ. Хас да массыына кэлэн, иниспиэктэрдэри итиэннэ суол бэлиэтин көрөн уруулларын эргитэ тутан төттөрү айаннаатылар. Маны тэҥэ ыраах Павловскай диэкиттэн сатыы иһээччилэр эмиэ сып-сап атын суолунан куоттулар. Билигин муус онон-манан киһини уйар кээмэйгэ тиийбит, ол эрэн сорох сирдэринэн өссө да уу сүүрүгүрэ сытара паар буолан көстөр. Онон тимир көлөнөн туоруурга ордук кутталлаах.

Татьяна Степанова, ЫБММ СС салалтатын ууга куттал суох буолуутун хааччыйар салаатын салайааччытын солбуйааччы: "Бары билэрбит курдук, уу эбийиэктэрэ араастык тоҥоллор. Киһи олоҕор куттала суох муус халыҥа биир киһиэхэ 17 см халыҥ буолуохтаах, оттон маассабай хаҥкылааһыҥҥа 20 см ордук, кыра тиэхиньикэни уйар муус халыҥа 35 см ордук буолуон наада".

Маныаха ыстараап эмиэ кытаанах. Ол курдук, чааһынай сирэйдэргэ 3 тыһыынчаттан 5 тыһыынчаҕа диэри, дуоһунастаахтарга 20-100 тыһыынчаҕа диэри уонна юридическай сирэйдэргэ 100 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөн солкуобайга тиийэ ыстыраапка тардыллыахха сөп. Даҕатан эттэххэ, билигин халлаан өссө да күүскэ тымныйа илик. Онон кыһыҥҥы суолу оҥоруу үлэтэ саҥа саҕаланан эрэр.

Сергей Сметанин, "Мехдострой" тэрилтэ үлэһитэ: «Кытылга үлэни түмүктээтибит. Билигин мууска киирэн суол ханан барыахтааҕын быһаарабыт, ол кэннэ кыдьымаҕы ыраастаан оҥорбутунан барабыт».

Суол үлэһиттэрэ кытта муус чарааһын бэлиэтииллэр. Бу ый устата халлаан туругуттан көрөн күннэтэ муус суолун оҥоруохтара. Оттон суол арыллыытын болдьоҕун Тырааныспар министиэристибэтэ бигэргэтэн таһаарыаҕа.