Фашизмы утары форум: фашизм суоһуурун сэрэтии уонна тустаах миэрэлэри ылыныы

94

Фашизмы утары форум Дьокуускайга быйыл иккис сылын тэриллэр. Былырыын бастакы тэрээһин Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн Аҕа дойду дьоруойдарын күнүн иннинэ ыытыллыбыта. Быйыл форум чэрчитинэн уопсайа сүүрбэттэн тахса тэрээһин буолуоҕа. Ол иһигэр  төгүрүк остуол. Манна ситэриилэх былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, бэтэрээннэрэ, кадет оскуолатыттан, ыччат байыаннай-спортивнай кииниттэн кэлэн кытыннылар. 

Афанасий Сергин, "Воин" ыччат байыаннай-спортивнай, патриотическай иитиигэ бэлэмниир киинин дириэктэрин солбуйааччы: "Түөрт сүрүн хайысхалаахпыт. 14-35 саастарыгар диэри үөрэтэр көҥүллээхпит. Онон киэҥ араҥаны хабабыт. Оҕолор көхтөөхтүк кытталлар".

"Воин" кииҥҥэ алта ый түмүгүнэн 1600-тэн тахса ыччат үөрэх ааста, билгин 400-тэн тахса эдэр дьон бэлэмнэниинин ааһар. Төгүрүк остуолга Москваттан бэрэстэбиитэллэр, Илиҥҥи байыаннай уокурук салалтата эмиэ кытыннылар. Кэпсэтиигэ сүрүн болҕомто фашизмы утары хайдах охсуһары, туох суолу-ииһи  тобулууга уурудулар. Хас биирдии кыттааччы бэйэтин көрүүтүн, этиитин кытта үллэһиннэ. Форум тэрийиитигэр улахан көмөнү кыайыы волонтердара оҥороллор.

Дайаана Куличкина, "Кыайыы волонтёрдара"  общественнай хамсааһын бэрэстэбиитэлэ: "История дьон-сэргэ, чуолаан ыччат, өйүгэр-санаатыгар иҥэн хааларыгар кыһаллабыт ". 

Форумҥа Аҕа дойду сэриитин устуоруйатын сымыйанан уларытыы боппуроустарын, дьиҥ-чахчыны көмүскүүр үлэни уонна историяны саҥаттан суруйууну утары охсуһууну күүһүрдээһини дьүүлэһиэхтэрэ. Сүрүн сыал-сорук фашизм суоһуурун туһунан сэрэтии уонна тустаах миэрэлэри ылыныы буолар.

Надежда Мохначевская, СӨ ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирин бастакы солбуйааччы: "Бу тэрээһин биир сыала-соруга историяны токуруппакка дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдии буолар. Ол тула ырытыһыы. Биллэн турар, төрөөбүт дойдуну таптыырга ыччаты көҕүлээһин. Бу сүрүн боппуруостары ырытыһабыт уонна инникини торумнуубут".

Форум саамай бэлиэ түгэнинэн Пленарнай мунньах буолуоҕа. Бу   түмүгүнэн резолюцияны ылыныахтара.