АГАТУ устудьуоннара сиэмэ ыраастыыр массыынаны айан оҥордулар
Главное
-
6 ноября в 13:07Бойцы из Якутии в зоне СВО получили подарки ко Дню народного единства
-
6 ноября в 12:47Более двух тысяч человек объединил просветительский марафон "Знание.Первые" в Якутске
-
6 ноября в 12:29В Якутске состоится концерт в память о первом Президенте республики Михаила Николаева
-
6 ноября в 12:02Якутия продолжает поставки квадроциклов "ЯКТ Сокол" в зону СВО
Сабыс саҥа оннооҕор кырааскалана илик. Устудьуоннар айан таһаарыылара хайа баҕар сиэмэни, ордук уустуктук ыраастанар көрүҥнэри холбутук наардыырын көрөдөрөллөр. Бөхтөөхтүк хомуллар, бытыктаах күкээрэ оту ыраастыыр массыынаҕа куталлар. Кыамтаны, сиидэлэр иҥнэрилэрин сөптөөхтүк туруоруу түмүгэр кутуллубут от түөрт аҥы түһэр.
Айаал Осипов, АГАТУ инженернэй факультетын 1 кууруһун магистрана: "Манна сиэмэ ибигирээһин көмөтүнэн ыраастанар. Араас киртэн-хохтон, оттон-мастан сиэмэни араарар".
Сатанан үлэлээтэҕинэ Саха сирин хаһаайыстыбаларын солбуллубат оборуудабанньата буолуохтаах тэрили мындыр устудуьоннар бу балаҕан ыйыттан оҥорон саҕалаабыттар. Хас биирдии кээмэйи, арыты барытын бэйэлэрэ толкуйдаан суоттаан-учуоттаан, үөрэх кэннэ мастарыскыайтан илиилэрин араарбакка кылгас кэм иһигэр бүтэрбиттэр.
"Устудьуоннар саҥа айан таһаарыыларын сүрүн уратыта диэн Саха сиригэр үүнэр оттор сиэмэлэрин кээмэйигэр сөп түбэһэр. Итиэннэ кээмэйэ кыра буолан дьоҕус хаһаайыстыбаларга барсар".
Ситтэҕинэ хоттоҕуна бу көстөр массыыналар биир тиһиккэ үлэлиэхтээхтэр. Маныаха бу саас оҥоһуллубут саамай кирдээҕин ыраастыыр тэрил бастакы түһүмэххэ турар. Кыра кээмэйдээх оборуудабанньаҕа сүрүн үлэ оҥоһуллар, күкээрэ от уонна туораахтаах култуураны сутуйар сыыс от бытыгын быһар ураты кыахтаах.
Герман Прокопьев, АГАТУ инженернэй факультетын 1 кууруһун магистрана: "Оборуудабанньа ис өттүгэр баар механизм сиэмэни алдьаппакка эрэ бытыгын быһар".
Сиэмэ эбэтэр туораах буорга анньылларыгар олох кып-кылыгырас гына ыраас буолуохтаах. Маны ситиһэргэ салгынынан үрэр массыына көмө буолар. Устудьуоннар бу айан оҥорууларыгар номнуо патент ылбыттар.
Дьулустаан Тимофеев, АГАТУ инженернэй факультетын 1 кууруһун магистрана: "Үөһэ бөҕүн оборон ылар, оттон ыраас сиэмэтин аллара түһэрэр. Манна араас сиэмэни ыраастаныахха сөп. Холобур, горох, чечевица, эбиэс".
Устудьуоннар айан таһаарыылара тыа хаһаайыстыбатыгар туһалааҕын уонна наадалааҕын өйөөн "Север" наука-үөрэхтээһин киинэ үбүлээһин көрбүт. Онон уолаттар өрө көтөҕүллэн ситэрэргэ, тупсарарга күүскэ ылсыбыттар. Оттон уһуйааччылара докумуон, көҥүл өттүгэр түбүгүрэр.
Юрий Дондоков, АГАТУ "Технологические системы АПК" кафедра сэбиэдиссэйэ: "Кээмэйдэрэ кыра буолан тийэргэ-таһарга судургулар. Онон дьоҕус хаһаайыстыбаларга ордук барсаллар ".
Онон сотору кэминэн АГАТУ устудьуоннарын айан таһаарыыта тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үлэлииирэ күүтүллэр.