Саюри тэпилииссэтигэр эргиччи сайын
Главное
-
25 ноября в 00:52График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 25 ноября
-
25 ноября в 00:36Прогноз погоды в Якутске на 25 ноября
-
24 ноября в 11:13В Якутске завершился 82-й Чемпионат республики по шахматам
-
24 ноября в 10:14Сотрудники Мирнинско-Нюрбинского ГОКа проверили здоровье на рабочем месте
Таһырдьа кыс хаар, оттон манна соҕуруу дойду экзотическай үүнээйитэ ситэр. Бу олохтоох агрономнар биир сыллаах үлэлэрин түмүгэ - папайя диэн отонноох мас. Ирбэт тоҥҥо бу үүнээйи сайыҥҥыттан ыла тохтоло суох ас биэрэ турарын исписэлиистэр үрдүк ситиһиинэн ааҕаллар.
Афанасий Федотов, үүнээйини харыстыыр исписэлиис: "Бу үүнээйигэ барсар климат оҥороммут, уутун эмиэ сөпкө кутаммыт маннык үүннэрэн таһаардыбыт".
Сиппит үүнээйи араҕас өҥнөөх буолар. Олус сымнаҕастык быһыллар. Билигин барыта уон улахан мас ас биэрэ турар. Атыыга таһаарыы туһунан кэпсэтии эрдэ.
Валерий Гарипов, "Саюри" бырайыак дириэктэрэ: "Биир отон иһигэр ортотунан 50 сиэмэ баар. Маны биһиги салгыы үүннэрэбит".
"Биһиги Сахабыт сирин тыйыс усулуобуйатыгар үүммүт тропикка эрэ үүнэр отону амсайан көрүөм. Олус уулаах, минньигэс. Амтана манго курдук, ол эрэн арыы амтаннаах".
Саюри тэпилииссэтигэр эргиччи сайын. Сэтинньи саҥатыгар клубника кэмэ саҕаламмыт. Саҥа уктар номнуо ас биэрэн саҕалаабыттар. Уопсайа сэттэ суорт олордуллар. Билигин хайа көрүҥ ордук амнаннааҕын, үүнүү биэрэрин кэтээн көрүү, үөрэтии барар. Минньигэс отону ыҥырыа куоппаһырдар, онон олус минньигэс уонна кып-кыһыл буола улааталлар.
Альберт Алексеев, биригэдьиир: "Быйыл ахсаанын элбэттибит. Онон былааммыт улахан. Үөрэ-көтө сезоммутун арыйдыбыт".
Клубника угун быйыл элбэттилэр, онон кыс устата атыыга хамаҕатык тахсарын туһунанан этэллэр.
Оттон күөх үүнээйини, туманы үүннэрэр баараҕай тэпилииссэни Ирина Ножнинова соҕотоҕун бэрийэр. Аҥаардас бэйэтэ күҥҥэ тыһыынчаттан тахса иһиккэ бу курдук саҥаттан саҥа сиэмэни анньар. Итиэннэ лааппыга барыар диэри үүнээйилэрин оҕолуу бүөбэйдиир. Оҕуруот аһын үүннэриигэ Саюри тэпилииссэтигэр төптөрү кыһын ордук табыгастааҕын исписэлиистэр этэллэр. Тоҕо диэтэр температураны бэйэлэрэ хонтуруоллууллар. Ол иһин оҕурсулар күп-күөхтэр, муҥутаан ас кута тураллар.
Альберт Алексеев, биригэдьиир: "Оҕурсубут быйылгы былаанын толорорбут 200 туонна хаалла".
Төгүрүк сыл үлэлиир тэпилииссэ Дьокуускайы оҕуруот аһынан 25% хааччыйар. Онтон сотору кэминэн бэйэ уот сатнциятын холбоотоҕуна өссө кэҥиир былааннаах.