Бастыҥ ыччат II Николаевскай форумҥа түмүмстэ
Главное
-
25 ноября в 00:52График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 25 ноября
-
25 ноября в 00:36Прогноз погоды в Якутске на 25 ноября
-
24 ноября в 11:13В Якутске завершился 82-й Чемпионат республики по шахматам
-
24 ноября в 10:14Сотрудники Мирнинско-Нюрбинского ГОКа проверили здоровье на рабочем месте
Николаевскай форум иккис сылын ыччат уопут атастаһар, билиҥҥи кэмҥэ долгутар боппуруостары дьүүллэһэр, ырытар дьоһун былааһаккатын быһыытынан тэриллэр.
Антон Васильев, СӨ ыччат парламенын бэрэссэдээтэлэ: «М.Е. Николаев бырайыактара билиҥҥи кэмҥэ хайдах салгыы сайдарыгар ыччат тугу гыныахтааҕый диэн сыаллаах-соруктаах тэрээһин».
СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев сырдык кэриэһигэр анаммыт тэрээһиҥҥэ кыттарга Саха сирин араас улуустарын эдэр исписэлиистэриттэн барыта 300-тэн тахса сайаапка киирбитэ, онтон сүүсчэкэ бастыҥ ыччат сүүмэрдэнэн форумҥа кыттар чиэскэ тигистэ. Кинилэр ортолоругар баһылыктар, олох-дьаһах араас хайысхатыгар үлэлии-хамныы сылдьар эрчимнээх эдэр дьон бааллар.
Уйгулаан Туласынов, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу: «Улууспутугар сүүмэрдээһин буолбута. Чурапчы улууһуттан ыччат парламенын бэрэстэбиитэлин быһыытынан бу форумҥа бэйэбэр саҥаны арыйыы уонна билсии».
Форум үөрүүлээх аһыллыытыгар салалта уонна Ил Түмэн бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. 3 күн устата форум кыттыылаахтара араас хайысхаларынан үлэлээтилэр. Быйылгы тэрээһин төрүт сыаннастары бөҕөргөтөр, ыччат гражданскай эппиэтинэһин сайыннарар хайысхалаах. Онон үп-харчы, быраап, култуура, медиа салааларынан санааларын үүлэһиннилэр, экспердэр сүбэлэрин иһиттилэр.
Уйгулаана Николаева, II Николаевскай форум тэрийээччитэ: «Бу эйгэҕэ буһа-хата сылдьар спикердэри ыҥырабыт. Холобур, блоггердары, быраабы араҥаччылааччылары, биллиилээх тыл үөрэхтээхтэрин, чинчийээччилэри ыҥыран кыттааччылары кытта аһаҕас кэпсэтии оҥоробут».
Форум үлэтэ аҥаардас кэпсэтиинэн, ырыытынан эрэ муҥурдаммат. Ыччат лидердэрэ Саха сирин эдэр көлүөнэтин патриотическай иитиигэ туһуламмыт бырайыактары таҥан таһаарыахтаахтар. Горнай улууһун дьаһалтатын үлэһитэ Сардаана Максимова быраап хайысхатын талан үлэлэһэ сылдьар.
Сардаана Максимова, "Горнай улууһа" МТ ыччат политикатыгар сүрүннүүр исписэлииһэ: «Форум түмүгүнэн бэйэбит хайысхабытыгар өрөспүүбүлүкэ таһымыгар олоххо киириэн сөптөөх ньымалары тобулабыт. Биһиги үрдүк сололоох салайааччыларбытын кытта атах тэпсэн олорон бу кэпсэтиилэргэ анаарыылары, ырытыылары ыытар тоҕоостоох былаһаакка курдук көрөбүн».
Форум түмүгүнэн хайысхаларынан бастыҥ бырайыактаахтары таллылар. Кинилэр Хабаровскай куоракка Уһук Илиннээҕи салайыы институтугар идэлэрин таһымнарын үрдэтэр кыахтаатар.