Дьокуускайга Чернышевскай аатынан уулуссаҕа автобустар сырыылара сөргүтүлүннэ

51

Икки сыл кэриҥэ буолан баран бу Чернышевскай уулууссатын кэрчигэр автобустар сылдьар буоллулар. 2022 сыллаахха Чернышевскай уулуссатын чааһыгар өрөмүөн үлэтэ саҕаланан общественнай тырааныспар сырыыта хааччахтаммыта. Суол сүрүн өттүгэр 3-с нүөмэрдээх коллектор тутуута, онтон салгыы Кольцевой силбэһииттэн Михаил Николаев аатынан проспекка диэри өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта.

Ити этиллибит оройуон олохтоохторо саҥа автобустанан сүргэлэрэ көтөҕүллэн сылдьар. 11 нүөмэрдээх автобус алтынньы 14 күнүттэн бастакы риэйсэтин оҥорон дьону тиэйэр. Интервала балтараа чаас кэриҥэ, онон олохтоохтор ону учуоттаан айанныыллара ирдэнэр.

Сергей Переяслов, 11№-дээх автобус суоппара: «Маршрут составляет 12,5 км. интервал будет примерно 1,5 часа».

Чернышевскай уулуссатыгар манна оптовай базалар, улахан маҕаһыыннар баар буолан сырыы көхтөөх. Онон дьон сылдьарыгар автобус айанныыра тоҕоостоох. 1 уонна 18 маршруттар быысыһан чаас аҥардыыта буола-буола сылдьаллар. Сэтинньи ыйтан Дьокуускайга уопсайа 10 маршрукка уларыйыылар киириэхтэрэ. Ол курдук 8 хайысхаҕа кыра уларыйыылар баар буолуохтара.

Эдуард Садовников, Дьокуускайдааҕы тырааныспар сулууспатын салайааччыта: «22 октября мы начали открытый конкурс по пассажирским перевозкам, по всем городским маршрутам. Всего претерпевают изменения схем движения 10 городских маршрутов. 8 маршрутов частичное изменение, 2 маршрута объединяется в новый 12 маршрут».

Онон саҥа 12 нүөмэрдээх автобус суох буолбут 15, итиэннэ 25 маршруттары солбуйуоҕа. Ол эбэтэр эрдэ бу автобустар сылдьыбыт туһаайыыларынан 12 нүөмэрдээх саҥа маршрут дьону тиэйиэҕэ.

Лена Яковлева, Дьокуускай олохтооҕо: «Автобустар үчүгэйдик сырыттыннар, элбээтиннэр. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы турдуннар, олохторун чэпчэттиннэр».

Автобус сырыытыгар саҥа сүүрээни киллэрэргэ общественнай тынаанспарга сырыыны хааччыйар эргиэмсиктэр, куорат дьаһалтта кыттыылаах мунньах, дьүүллэһиилэр ыытылла тураллар. Онон сырыыларыгар уларыйыы киирэр 2, 4, 5, 6, 7, 12, 14, 16, 19 уонна 35 нүөмэрдээх автобустарынан айаннааччылар эрдэттэн тохтобулларын чопчулууллара ирдэнэр.