Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ гааһынан үлэлиир уоту биэрэр станцияҕа холбонно
Главное
-
31 октября в 10:57В Верхневилюйскую ЦРБ приобретено 4 высокотехнологичных аппарата за два года
-
31 октября в 10:33В Якутии объем промышленного производства вырос на 8,6% по сравнению с прошлым годом
-
31 октября в 10:10В Якутии стартует II республиканский Николаевский форум "Николаевский форум: патриотизм и просвещение"
-
31 октября в 09:53Дьокуускайга Чернышевскай аатынан уулуссаҕа автобустар сырыылара сөргүтүлүннэ
Саҥа станция холкутук биир баттааһынтан холбонор. Аны бу күнтэн ыла Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ уот ситиминэн бэйэ хааччынар буолла. Бу Саха сирин оҥорон таһаарыытыгар бастакы уопут. Станция күөх төлөнтөн үлэлиир. Уоту, итиини уонна сылаас ууну биэрэр кыахтаах. Маннык тутулуга суох уокка көһүү тыа хаһаайыстыбатын сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ.
Артем Александров, СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ: «Саамай cүрүнэ бородууксуйа сыанатын кыччатыы, тарыып үрдүү турар кэмигэр. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу хайысхаҕа былырыыҥҥаттан күүскэ үлэлээтибит. Саҥа хардыы, хамсааһын».
Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтиттэн күннэтэ 20 туонна килиэп уонна араас бурдук аһылык атыыга тахсар. Манна барыта 400 тахса киһи үлэлиир-хамныыр. Оҥорон таһаарыы түүннэри-күнүстэри быыстала суох барар. Маныаха тохтоло суох үрдүк күүрүүлээх уоттан баараҕай тэрилтэ үлэтин хаамыыта быһаччы тутулуктанар. Оттон билигин бэйэ станцията салгыы сайдыыга кыах биэриэхтээх.
Светлана Кынакытова, "Дьокуускайдааҕы килиэпкэмбинээтэ" АУо генеральнай дириэктэрэ: «Бу станция киллэрбиппит 1 кВт икки төгүл чэпчиир. Ол сыанабыт оҥоһуллан тахсарыгар улахан оруоллаах буолар. Уонна стадильнай хаачыстыбыннай уот ситимнээх буолабыт».
Уокка уонна ититиигэ ороскуот аччааһына, кыамта үрдээһинэ сүрүннээн оҥорон таһаарыы кээмэйигэр биллэ дьайыаҕа. Ол курдук эһиил килиэп кэмбинээтэ 15-20 бырыһыанынан элбэҕи буһарыа. Оттон олохтоох оҥорон таһаарыы кээмэйин үрдэтии, бэйэ хааччыныы өрөспүүбүлүкэ политикатын тутаах соруга.
Сергей Местников, СӨ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Станцияҕа 65 мөл солк. көрүллэн киирбитэ. Билигин уоту сиир оросхуоттара аччаан, бородуксуйа хаачыстыбатын тупсарыыга, көрүҥүн элбэтиигэ ыытыллыахтаах».
Килиэп кэмбинээтэ үлэ хаамыытын, тэтимин саҥардыыга күүскэ ылсан үлэлиир. Ол курдук быйылгыттан тиэйии-таһыы тиһилигэ бүтүннүү уларыйда. Баараҕай ыскылаакка улахан өрөмүөн үлэтэ ыытыллынна, манна бурдук ас киһи көмөтө суох массыынаҕа кэлэр буолоуҕа. Оттон килиэп кэмбинээтин сэргэ сотору кэминэн бэйэ станциятын Саюри төгүрүк сыл үлэлиир теплица үлэлэтиэ. Маннык сыыйа-баайа бөдөҥ оҥорон таһаарар.