Дьокуускайга үгэс буолбут балык дьаарбаҥката ыытылынна

58

Дьокуускай олохтооҕо Василий Николаевич Захаров анаан-минээн сибиэһэй балык, эт ыла кэлбит. Кини дьаарбаҥкаҕа сыллата сылдьар, ол эрэн ааспыт сылга сыана ыарахан буолан тугунок эрэ ылбыт. Оттон быйыл балыгы да эти да хото атыыласпыт.

Василий Захаров, Дьокуускай куорат олохтооҕо: «Ряпушка уонна кыра эт ыллым. Сыана удамыр диэххэ сөп. Ряпушканы ыһаарылаан да тууһаан да сиибит».

“Саха сирин балыга” дьаарбаҥка Дьокуускайга быйыл 14-с төгүлүн ыытыллар. Индигир, Яна, Лена өрүскэ соторутааҕыта уста сылдьыбыт балыктар лааппыларга кэчигирэспиттэр. Быйыл сүрүннээн Булуҥ, Усуйаана, Аллайыаха, Аллараа Халыма уонна Кэбээйи улуустарыттан хаһаайыстыбалар кэлбиттэр. Маныаха ордук улахан уочаат  Булуҥ МУП хаһаайыстыба лааппатыгар буолла. Тустаах хаһаайыстыба быйыл тэрээһиннээхтик бэлэмнэнэн кэлбит. Аан бастакытын сып-сылаастыы уханы уонна сип-билигин ыһаарыламмыт күндүөбэйи атыылаатылар.

Булуҥнар сайыҥҥы уонна күһүҥҥү балыктарын илдьэ кэлбиттэр. Бу үксүн күндүөбэй, чир, тууччах, омуль, оннооҕор хатыыс балык баар. Быйыл омуль тахсыыта үчүгэй, күндүөбэй да куһаҕана суох диэн үлэһиттэр бэлиэтииллэр.

Айаал Оконешников, "Булуҥ" МУП салайааччытын солбуйааччыта: «Былырыыҥҥыттан тэҥнээтэххэ арыый улахан. Нэһилиэнньэҕэ балык миинин, ряпушка ыһаарылааммыт атыылыыбыт».

Оттон сыана кырдьык да удамыр. Холобура күндүөбэй балык киилэтэ 250 солкуобайтан саҕаланар, чир 600-тэн, омуль 450-тэн. Балыгы тэҥэ дьаарбаҥкаҕа сибиэһэй ынах этэ эмиэ атыыга тахсыбыт. Киилэтэ 800 саҕаланар. Маннык дьаарбаҥка балык хаһаайыстыбаларыгар аһы-үөлү батарыыга  оттон куорат дьонугар биир сиртэн кэлэн таптаабыттарын талан ылалларыгар  көдьүүстээх тэрээһин.

Павел Чириков, тэрийээччи: «Бу дьаарбаҥкаҕа ырыынактааҕар 20% сыана чэпчиирин гына сөбүлэспиппит. Строганина күрэҕэ буолар уонна льготнай сыананан нэһилиэнньэҕэ атыылыыбыт уонна хомуллубут харчыны барытын фонд Победы СВО ыытыахтаахпыт».

Дьаарбаҥка иккис күнүгэр тоҥ балыгы кыһарга күрэх ыытылынна. Үгүс киһи кэлэн тутатына амсайан уонна бэлэм кыһыллыбыт балыгы атыылаһан барда. Аны кэлэр балык дьаарбаҥката саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар иннинэ ыытыллыаҕа.