Хатырыкка саҥа култуура киинэ айымньылаахтык үлэлиир
Главное
-
25 ноября в 05:24В Якутии определили обладателя гранта образовательной программы "Папа-предприниматель"
-
25 ноября в 04:23Жители Якутии стали лауреатами II международного конкурса молодых пианистов имени М. Жиркова
-
25 ноября в 03:43Поздравление главы Якутии Айсена Николаева с Днем Олонхо
-
25 ноября в 03:07Житель Алданского района осужден за повторное управление в состоянии опьянения с конфискацией автомобиля
"Доҕордоһуу" спорт үҥкүүтэ култуура киинин дьарыктанар саалатыгар ньиргийэр. Бу элбэх хайысхалаах саҥа кииҥҥэ Намнааҕы Оҕо уус-уран оскуолатын филиалын иитиллээччилэрин дьарыга ааһар. Аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир эбийиэккэ киһи үөрэ-көтө үҥкүлүөн- туойуон баҕарар усулуобуйата тэриллибит.
Лидия Колодезникова, З.П.Винокуров аатынан Намнааҕы оҕо уус-уран оскуолатын Хатырыктааҕы филиалын үҥкүүгэ уһуйааччыта: "бастакы кылаастары ылбытым, ону тэҥэ 4 кылаастардаахпын. Ааспыт үөрэх дьылыгар икки кылааһы бүтэттэрбитим. Оттон быйыл уопсайа 18 оҕолоохпун".
Санатан эттэххэ, бу сыл саҥатыгар, олунньу ыйга, Хатырык килбэйэр киинигэр элбэх хайысхалаах култуура киинэ аанын тэлэччи аспыта. Билигин манна Оҕо уус-уран оскуолатын филиала, бибилэтиэкэ, кыраайы үөрэтэр түмэл, ырыа устуудьуйата уонна кулууптар бэйэлэрэ, чахчы араас хайысханан ньиргиччи үлэлии олороллор.
40 нэһилиэги кытары, алтынньы 4 күнүгэр Хатырыкка эмиэ киинэ тыйаатыра үлэҕэ киирбитэ. Манна кулууп уус-уран салайааччыта Любовь Левина киинэ механигын оруолун толорор. Нэһилиэнньэтигэр улахан экрааҥҥа саҥа киинэлэри көрдөрөр.
Любовь Левина, М.К.Аммосов аатынан элбэх хайысхалаах култуура киинин уус-уран салайааччыта: "Саҥа киинэ саалата арылынна. Номнуо түөрт киинэни көрдөрдүбүт. Куорат киинэ саалаларын кытта тэҥ киинэлэри көрөр буолабыт".
Өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо ааттарын ааттаппыт "Махсыым уолаттара" айар бөлөх, эмиэ манна ньиргиччи үлэлии олороллор. Саҥа эбийиэккэ киирэн, киин куораттан туох да итэҕэһэ суох устуудьуйа арынан айаллар-туталлар. Бу күн биһиги устар бөлөхпүтүгэр саҥа ырыаны сүрэхтээтилэр.
Иннокентий Татаринов, "Махсыым уолаттара" ырыа ансаамбылын салайааччыта: "Бырайыакка бэйэбитигэр анал хос киллэттэрбиппит. Кэсиэрдэргэ киирбит харчыбытынан аппаратура атыылаһан туруордубут".
Биллэн туран, култуура киинигэр бибилэтиэкэ бас-көс миэстэни ылар. Манна олус улахан кинигэ пуондата хараллан сытар. Ааҕааччыларга усулуобуйа барыта тэриллибит. Холобур, билигин манна Егор Афанасьевич Борисов көһө сылдьар быыстапката Хатырык олохтоохторун дьүүлүгэр турда.
Ульяна Антонова, М.А.Охлопкова аатынан Хатырыктааҕы модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ: "Оскуола оҕолоругар анаан кини олоҕун сырдатар кинигэлэри бэлэмнээтибит. Биһиги пуондабытыгар Егор Борисовы сыртадар таһаарыы элбэх. Онон сиһилии үөрэнээччилэргэ кэпсиэхпит".
Тыа сиригэр култуура киинэ нэһилиэнньэни түмэр-сомоҕолуур. Кэрэҕэ-сырдыкка угуйар. Хатырыкка үрдүк таһымнаахтык бу усулуобуйа барыта тэриллибит.