Уунан таһаҕаһы тиэйии түмүктэннэ
Главное
-
25 ноября в 08:18Өлөөн улууһугар кыыл таба үөрэ ааҥнааһыныттан ыстаадалар эмсэҕэлээтилэр
-
25 ноября в 07:53В Якутске планируется отремонтировать 16 км дорог в рамках нацпроекта в 2025 году
-
25 ноября в 07:26В Якутске подвели итоги ежегодного Форума психологов республики
-
25 ноября в 06:58Вдоль всех границ России за 9 месяцев. Суперэкспедиция "Россия 360" финишировала в Мурманске
Уунан сырыы бүтэһик аала кэлэн тиксэн турар. Алтынньы бүтэһигэ буолан номнуо өрүс хойуу кыдьымахтаах. "Макдебург" суудуна тиэйэн аҕалбыт таһаҕаһын тыйыс усулуобуйаҕа сүөкүүр. Тымныыга кырааны ититэр тэрилинэн сылыта-сылыта үлэлэтэллэр.
Ол кэмҥэ баараҕай кыраан контейнердары сүөкүүр, ас тиэллэн барбыт тааралара аны сайыҥҥа диэри кыстык сиргэ ууруллуохтара. Бүтэһик сырыынан күһүҥҥү балык кэлбит. Кыстанан сытар куулларга күндүөбэй уонна муксуун баар.
Иннокентий Петров, "Арктикатааҕы атыы-логистика хампаанньата" тэрилтэ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта: "Уопсайа икки сырыыны холбоон 800 туоннаттан тахса балыгы аҕаллыбыт. Ууна сырыыны түмүктээтибит, бүтэһик үлэ хаалла. Уопсай быйылгы сылбыт былаана 8500 туонна. Билигин балаҕан ыйыттан саҕалаан салгын суолунант тириэрдии үлэтэ күүскэ бара турар".
Уунан тириэрдии былаана толору туолан, аны билигин салгынынан таһаҕаһы тиэйиигэ бары күүс ууруллар. Арктика олохтоохторугар сибиэһэй оҕуруот аһын кэмигэр ыытаары, наардааһын үлэтэ тэтимнээхтик барар.
Гаврил Тимофеев, "Арктикатааҕы атыы-логистика хампаанньата" тэрилтэ үлэһитэ: "Алта туоннаны сөмөлүөтүнэн ыыттыбыт. Салгынынан нэдиэлэҕэ 2-3 барар. Быйылгы хортуоска хаачыстыбата быдан үчүчгэй, бөдөҥ".
Кырдьык да, олус бөдөҥ хортуоскалар ыраастыыр лиэнтэ устун ааһаллар. Ыраастыыр тэрил куугуначчы үлэлиир. Массыына тэтимин баттаһа 5-6 үлэһит илиилэрин араарбакка үлэлииллэр.
Норуокка биллэр "күөх рейс" Өлөөн, Дьааҥы, Муома, Эбээн Бытантай уонна Анаабыр улуустарыгар тириэрдиллээри бэлэмнэнэр. Уопсайа быйыл сөмөлүөтүнэн хоту барыта 442 туонна барыаҕа. Мантан 300 туонна кэриҥэ Дьокуускайтан улуус кииннэригэр тиийэ. Итиэннэ ыраах сытар нэһилиэктэргэ дьоҕус авиация сылдьыаҕа
Галина Румянцева, "Арктикатааҕы атыы-логистика хампаанньата" тэрилтэ ыскылаатын сэбиэдиссэйэ: "Олохтоох хаһаайыстыбалартан хортуоска, моркуоп, сүбүөкүлэ, хаппыыста туттубут. Онтубутун барытын хоту ыыта олоробут. Билигин Өлүөхүмэттэн кэлбит хортуосканы наардыы сылдьабыт".
Оттон наардаммыт оҕуруот аһын сорох чааһа ахсынньы бүтэһигиттэн саҕалаан, кыһыҥҥы суолунан хоту сир дьонугар тиийиэҕэ.