Көмүс уустарын нэдиэлэтэ саҕаланна

97

Бүлүү улууһуттан анаан-минээн киэргэли оҥоруу үөрэҕэр кэлбит Сардаана Сыроватская бэйэтэ Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музей үлэһитэ. Ювелирнай нэдиэлэ чэрчитинэн киэргэл оҥорор үөрэх буоларын социальнай симтимнэртэн билбит.

Сардаана Сыроватская, Бүлүү улууһун олохтооҕо "Эрдэттэн  киэргэл оҥорор баҕалаах буолах үөрүйэх ыла кэллим диэн кэпсиир. Икки чаас устата ытарҕа оҥорон таһаарбыт. Наһаа уустуга суох эрээри, сөптөөх инструменнаах буоулохха наада".

Бу өҥнөөх тимиртэн, ол эбэтэр көннөрү боробулуохтаттан врай-врап диэн ньыманан, ол эбэтэр тимири өҕүлүннэрэн, токурутан, оҕуруо кыбытан ытарҕа, түөс симэҕэ, биһилэх, бөҕөх оҥорон таһаарыахха сөп. Маастар-кылааһы эдэр кэскиллээх көмүс ууһа-дизайнер, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтутун дизайн кафедратын лаборана Татьяна Григорьева ыытар. Кини бэйэтэ киэргэл оҥоруутугар кыра маастар-кылаастар өрүү ыытар уопуттаах. Ону тэҥэ алын куурус устудьуоннарыгар ювелирнай киэргэл дизайннын таҥыыга көмөлөһөр. 

Татьяна Григорьева, АГИКИ дизайн кафедратын лаборана: "Ити ньыма көмүс ууһун уонна илии оҥоһугун икки ардынан буолар. Эмиэ да тимиринэн оҥоробут, боростуой туттар тэрилинэн киэргэл оҥорон таһаарабыт".

Саха сиригэр көмүс ууһун уонна алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнас үлэһиттэрин күнүн көрсө Дьокуускайга үгэскэ кубулуйбут тустаах нэдиэлэ саҕаланна. Бу күннэргэ ааттаах-суоллаах көмүс уустарын кытта көрсүһүүлэр, Саха сиригэр ювелирнай династияларга анаммыт аан бастакы бөдөҥ быыстапка аһыллыыта, экскурсиялар, бу курдук араас матырыйааллартан көмүс киэргэл маастар кылаастара ыытыллыахтара. Маннык үөрэхтэргэ ким баҕалаах кыттар саҥа билии, үөрүйэх ылар кыахтаах.

Татьяна Полятинская, Дьокуускай олохтооҕо: "Маннык ньыманан үлэлиир уопуттаахпын. Киэргэллэри оҥорооччубун. Киһи олоҕун тухары үөрэнэр. Эрдэ 15 сыл тухары оҕолору дизайн эйгэтигэр уһуйбутум. Онон маннык хабааннаах маастар кылаастары олус сөбүлүүбүн".

Саха сиригэр ювелирнай салаа экономика биир тутаах хайысхатын быһыытынан үлэлээн-хамнаан кэлбитэ номнуо отуттан тахса сыл буолла. Төһө даҕаны билиҥҥи услуобуйаҕа уустуктар баалларын үрдүнэн Саха сирин ювелирнай искусствота салгыы үүнэр, сайдар.