Коркин турнирын бастыҥнара
Главное
-
25 ноября в 07:26В Якутске подвели итоги ежегодного Форума психологов республики
-
25 ноября в 06:58Вдоль всех границ России за 9 месяцев. Суперэкспедиция "Россия 360" финишировала в Мурманске
-
25 ноября в 06:37В Якутии инспекторы провели более 1000 патрулирований в рамках акции "Безопасный лед"
-
25 ноября в 06:05В Якутии открыта первая ледовая переправа на реке Лене
"Өрөгөй" спорт киинэ оргуйан олорор. Эдэрдиин-эмэнниин сахабыт спордун инники эрэлигэр, Лев Павловка, ыалдьар. 57 киилэҕэ биир дойдулаахпыт Монголия бөҕөһүн кытта бастыыр иһин илин-кэлин түсүһэр. Киирсии тыҥааһыннаах, бөҕөстөр биир тэҥ тусталлар. Бүтэһик сөкүүндэлэргэ диэри ким да иннин биэрбэт.
Ол эрэн сахабыт бөҕөһө өссө биир баалы ылан, икки нуул ахсаанынан кыайыылаах буолан тахсар. Лев Павлов саха көрөөччүтүгэр, тустууну таптааччыларга улахан кыайыыны итиэннэ өссө биир умнуллубат түгэни бэлэхтиир.
Юниордарга Европа кыайыылааҕа, Россия чемпионатын үрүҥ көмүс призера Лев Павлов Дмитрий Петрович Коркин үбүлүөйдээх 15 турнирыгар аан бастакытын кытынна уонна көбүөргэ тэҥнээҕин булбата.
Лев Павлов, Д.П. Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир 57 киилэҕэ кыайыылааҕа: «Кыайыы чэпчэкитик кэлбэт, төрөөбүт дойдум тыына уонна ыалдьааччыларым күүс көмө буоллулар. Көрөөччүлэрбэр махтанабын. Миэхэ хас биирдии киирсии ыарахан, бэйэбин кытта охсуһабын”.
Өссө биир кыраһыабай тустууну уонна кыһыл көмүс мэтээли Саха сиригэр 61 киилэҕэ Александр Авелов аҕалла. Кини эмиэ истиэп дойдутун бөҕөһүн кытта бастыыр иһин кииристэ. Александр Авелов Монголия бөҕөһүн биэс икки ахсаанынан кыайда. Эдэр кэскиллээх спортсмен кыайыытын бастатан туран саамай чугас киһитигэр анаата.
Александр Авелов, Д.П. Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир 61 киилэҕэ кыайыылааҕа: "Кыайыыбын Ийэ күнүнэн ийэбэр уонна аҕабар аныыбын уонна чугас дьоммор. Тустар кэммэр турукка сылдьабын, онон ыалдьааччылар хаһыыларын – ыһыыларын бүтэн баран чугастык ылынабын".
Хаһыс да сылын саха көрөөччүтүн кутун бүрээт бөҕөһө Евгений Жербаев тутар. Кини финалга Саха сирин бөҕөһүн Константин Капрыновы кытта туһунна. Бу биир саамай чаҕылхай киирсии буолла. Даҕатан эттэххэ, бүрээт бөҕөһө Коркин турнирын 5 төгүллээх чөмпүйүөнэ, сыллата тустууну таптааччыларга хабыр хапсыһыыны көрдөрөр. Бу да сырыыга ылыахтааҕын ылла уонна турнир 6 төгүллээх чөмпүйүөнэ буолла.
Евгений Жербаев, Д.П. Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир 70 киилэҕэ кыайыылааҕа: "Саха өрөспүүбүлүкэтигэр кэлэр улахан үөрүү. Манна тустууну өрө туталлар, ымпыгын-чымпыгын билэллэр. Ол иһин манна кыайар икки-үс бүк үөрүүлээх. Көрөөччүлэр миэхэ бэйэлэрин киһилэригэр курдук ыалдьаллар".
Икки күннээх улахан спорт бырааһынньыга кыттааччыларга да көрөөччүлэргэ да чаҕылхай уонна умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ. Уопсайа 13 араас дойдуттан 200-чэкэ бөҕөс кэлэн бэйэ кыаҕын холонно. Даҕатан эттэххэ, Дмитрий Петрович кэриэһигэр ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы турнир таһыма сыллата үрдүүр эрэ. Оттон Улуу тренер аата үйэлэргэ хаалар.