Хоту улуустарга күһүҥҥү балыктааһын барар

225

Биэс эр киһи муҥха быатын нэһиилэ тардаллар. Ол аата балык үчүчгэйдик кэлбит. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да күндүөбэй тахсыыта үчүгэй. Маныаха кэмин таба тутуохха наада. Онон күн суһуктуйуута Хатыыстаах учаастагар номнуо бастакы муҥха тардыллар. Эбиэккэ диэри өссө биири түһэриэхтэрэ.

Николай Попов, "Булуҥ" МУП балыксыта: «Бу күһүн икки биригээдэ биир буоламмыт балыктыы сылдьабыт. Быйыл күндүөбэйбит үчүгэй, кэллэ. Иннэ гынан бу күннэргэ былааммыт туолуо».

Муҥханы мотуордаах тыыга состорон түһэрэллэр. Саамай эппиэттээх үлэҕэ түргэн тарҕан туттуулаах уопуттаах киһи ананар. Алексей Попов кыра сааһыттан балыкка сылдьар буолан, 250 миэтэрэ усталаах муҥханы чэпчэкитик түһэрэр.  Онтон сүүрүк хоту усталлар дьэ ол кэннэ кытылга тиксэллэр.

Алексей Попов, "Булуҥ" МУП балыксыта: «13 сааспыттан манна сайын аайы лааҕырга кэлээччим. 2009 сыллаахтан сылдьабын».

Манна 5-6 киһи тоһуйан туран муҥханы тардар. Быйыл балык тахсыыта үчүчгэй буолан муҥха ийэтэ кытылга чугаһаата эрэ көмүс хатырыктаах оргуйа түһэр. Бу курдук күн устата халлаан хараҥарыар диэри 5 быраҕаллар.

Лев Слепцов, "Булуҥ" МУП балыксыта: «Биир түһүүгэ 20-30 куулу ылабыт. Барытын бэлэмнээн киэһээ туттарабыт».

Күндүөбэйгэ муҥха кэмэ олус кылгас. Эдьигээн диэки устан ыыр. Халлаан тымныы ол эрэн аны кыдьымах тахса илик буолуон наада. Оттон маннык быыһык кэм нэдиэлэ, балтараа нэдиэлэ эрэ турар. Сорох дьыл кыдьымах кэмигэр тахсан атахтыыр. Оччоҕо муҥха сатаан түспэт. Оттон быйыл дьыл туран Үүттээх хайа, Кумах сурт, Хатыыстаах учаастактарыгар балыксыттар санаалара көнньүөрэн сылдьар.

Иннокентий Самойлов, "Булуҥ" МУП балыксыта: «2-3 хонуктааҕыта үчүгэйдик билиннэ. Ол иннинэ 4-5 эрэ куулу ылар этибит».

Балыксыттар үлэлэрин тиэхиньикэ чэпчэтэр. Муҥхаттан тахсыбыт көмүс хатырыктаах тута тыраахтыр хомуоһугар кутуллар. Мантан салгыы тоҥорууга барар. "Булуҥ" МУП тэрилтэ быйыл күндүөбэйгэ былаана 45 туонна. Мантан аҥаарын күһүҥҥү балыкка толоруохтара.

Евгений Лавров, "Булуҥ" МУП балыксыта: «Билигин аҕыйах хонугунан муҥхалаан бүтэбит уонна өрүс туруор дылы кыһыҥҥы балыкпытыгар бэлэмнэнэбит».

Кыһыҥҥы балыкка хаһаайыстыба былаана эмиэ улахан. Быйыл уомул тахсыыта бэртээхэй. Онон 200 туонна былааны толорор сорук турар. Оттон муксуун урукку дьылларга холоотоххо мөлөтөх. Уһаарбанан биир тардыыга 30 устуука тахсар.

Руслан Лукин, "Булуҥ" МУП салайааччыта: «Алтынньы ый саҕаланыаҕыттан күндүөбэйгэ уонна муксууҥҥа балыктыы сылдьабыт. Күндүөбэйгэ 3 биригээдэ буолан холбоһон Өлүөнэ эбэҕэ балыктыыбыт. Билигин 20 туонна кэриҥэ балыктаатыбыт».

Саха сирин биир бөдөҥ хаһаайыстыбата бу күннэргэ күһүҥҥү балыктааһыны түмүктүө, оттон сотору кэминэн бүтэһик уунан сырыынан киин куоракка сибиэһэй күндүөбэй, муксуун атыыга кэлиэ.