Дьокуускайга анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кэпсээннэрин иккис таһаарыытын сүрэхтээтилэр
Главное
-
25 ноября в 10:25В Якутии почти 2 тысячи семей участников СВО освобождены от платы за услуги в детских садах.
-
25 ноября в 10:04В Якутске запланированы работы по благоустройству 17 территорий к 80-летию Победы
-
25 ноября в 09:44В республике стартует фестиваль "Зима начинается с Якутии" с конкурса ледовых скульптур
-
25 ноября в 09:28В Якутске построят 30 объектов образования в рамках мастер-плана
"Нет уз святее товарищества" диэн бүтүн Арассыыйатааҕы анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ахтыыларыгар олоҕурбут хомуурунньук иккис таһаарыыта бу сайын күн сирин көрөн бэчээттэнэн киэҥ эйгэҕэ тарҕаммыта. Дьокуускайга Защитники Отечества фонд дьиэтигэр бу кинигэ тахсыбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр. Суруйааччы Захар Прилепин редакциятынан "Защитники отечества" фонд көҕүлээһининэн тахсыбыт иккис хомуурунньукка Саха сирин байыастарын ахтыылара киирдэ. Ол курдук Сунтаар диэн позывнойдаах дойдубут дьоруойа Дмитрий Егоров хорсун быһыытын туһунан кини аҕата Николай Алексеевич Егоров уолун туһунан суруйбут ахтыыта биир бастакынан киирдэ. Тэрээһиҥҥэ Дмитрий Егоров убайа кытынна.
Алексей Егоров, РФ Геройа Дмитрий Егоров убайа: «Бэйэтин уолун туһунан суруйбута. Ким хайдах сэриилэспитин, тугу гыммытын дьон биллин, үйэлэргэ хааларын диэн».
Кинигэ бэлэмнэниитигэр дойдубут араас эрэгийиэннэриттэн барыта 750-тан тахса анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, охтубут байыастар дьиэ кэргэннэрин ахтыылара хомуллубута. Онтон 43 эрэ кэпсээн, ахтыы хомуурунньукка тиһиллэн киирбит. Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров аҕатын ахтыытын таһынан, хомуурунньукка Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан сылдьар элбэх оҕолоох аҕа, бастакы чеченскай хампаанньа кыттыылааҕа, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Софрон Пономарев Мин талисманым диэн ытыалааһын кэмигэр булан ылбыт куоска оҕотун туһунан ахтыыта киирдэ.
Софрон Пономарёв, анал байыаннай дьайыы байыаһа, бэтэрээнэ: «Ытыалааһын кэмигэр кып-кыра куоска оҕотун булан бэйэбитигэр кыра оҕону курдук бүөбэйдээн. Билигин баччааҥҥа диэри ол блиндажка кини баар. Билигин үһүспүн бараары сылдьабын. Тиийэн көрсүөм уонна бэйэбэр ылыам, харысхалым курдук».
Софрон Пономарев анал байыаннай дьайыыга иккитэ сылдьан кэлбит, бу күннэргэ үсүһүн бараары бэлэмнэнэ сылдьар. Кинигэҕэ саллааттар, сержаннар, офицердар, военкордар анал дьайыыга сылдьар уопуттарын, күннээҕи түбүктэрин, санааларын,ыарахан түгэннэрин, кутталларын кытта үллэстэллэр. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кэпсээннэрин, ахтыыларын үйэтитэр таһаарыы библиотекаларынан, үөрэх кыһаларынан, тэрилтэлэринэн тарҕаныаҕа.