Дьокуускайга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр аахсыйа үлэтэ салҕанар

69

Балаҕан ыйын ортотуттан алтынньы бүтүөр диэри анал байыаннай эппэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ичигэс таҥаһы-сабы хомуйуу салҕанар. Биир кэлим суһал ыстаап 2022 сылтан ыла тиһигин быспакка үлэлиир. Бүгүҥҥү күҥҥэ сүүһүнэн волонтер баҕа өттүнэн күүс-көмө буолар. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Людмила Андросова байыаннай дьайыы суһал ыстаабыгар үлэлээбитэ иккис сыла. Иллэҥ кэмигэр кэлэн манна көмөлөһөр.

Людмила Андросова, волонтёр: «Дьүһүнэ дьыл кэмиттэн тутулуктаах. Билигин күһүн, ол иһин саһархай өҥү балачча киллэрэбит. Кыһын чугаһаата диэн маннык маҕанныыбыт».

Күннэтэ ыстаапка түбүк тиһигин быспат, баһыылка хомуйуута, наардааһына, сүрүннээн иистэнии. Мария Башинова бэйэтэ быраас, иллэҥ кэмигэр кэлэн иискэ көмөлөһөр. Сакааһынан үлэлиибит диэн этэр. Билигин тымныйан эрэр буолан ичигэс таҥаһы тигэллэр, ыстаан, көстүүм, бэргэһэ, үтүлүк.   

Мария Башинова, СӨ 2№-дээх балыыһатын бырааһа, волонтёр: «Уолаттарга билигин сылаас флис таҥас. Аҥардаһабыт, мин үрдүн тигэбин, ким эрэ бүрүүкэтин тигэр уонна барытын бииргэ холбуубут. Тоҕо диэтэргэ ыксал, уолаттар сакаастыыллар».

Бу күннэргэ “Сылаас күһүн” диэн патриотическай аахсыйа чэрчитинэн байыастарга наскы, бэрчээкки, балаклава, термобелье, онтон да атын наадалаах ичигэс таҥас-сап хомуйан ыытыахтара. Маны тэҥэ, биирдиилээн дьонтон баһыылка туталлар.

Анна Ефимова, "Саха сирэ эйиигин кытта!" общественнай түмсүү бэрэссэдээтэлэ: «Уолаттарбыт бара тураллар, халлаан тымныйда. Ол иһин сөптөөх таҥаһы аҕалан көмөлөһөргүтүгэр Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыҥырабын. Термобелье, кээнчэлээх саппыкылар наадалар».

Ыстаапка үөрэх кыһаларын устудьуоннара кэлэн эмиэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Күн ахсын ортотунан сүүрбэттэн тахса волонтер күүс-көмө буолар, сүрүннээн пенсионердар өҥөлөрө сүҥкэн.

Клавдия Николаева, волонтёр: «Дьиэбэр олоробун, ол иһин хайдах эмит көмөлөспүт киһи диэн иистэнэ кэлбитим».

Анал байыаннай дьайыы Саха сирин суһал ыстаабыгар хомуллубут  таҥас-сап, баһыылка опорнай пууҥҥа тиийэр онтон салгыы байыаннай чаастарга тарҕанар.