Тулагы нэһилиэгэр Туймаада хаһаайыстыбаҕа кыстык кэмэ саҕаланар
Главное
-
25 ноября в 11:41В Якутии завершился отборочный этап олимпиады по предпринимательству среди школьников
-
25 ноября в 11:18Стартовал ежегодный гастрономический фестиваль "Вкус Якутии"
-
25 ноября в 10:47В Якутске стартовал туристический проект "Бриллиантовая неделя"
-
25 ноября в 10:25В Якутии почти 2 тысячи семей участников СВО освобождены от платы за услуги в детских садах.
Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр баар Туймаада хаһаайыстыбаҕа киэһээҥҥи ыам түбүгэ. Ынахтар күннээҕи эбээһинэстэригэр үөрэммиччэ ыанар сирдэригэр тиэтэйэллэр. Барыта 245 ынах ыанар. Сарсыардааҥҥы ыам 6 ч, киэһээҥҥи эмиэ 6 чаастан саҕаланар. Күннэтэ икки ыанньыксыт үлэлиир-хамсыыр. Анастасия Тымырова ыанньыксытынан үлэлээбитэ 4 сылыгар барда.
Анастасия Тымырова, "Туймаада" экоферма ыанньыксыта: «Ыан бүтэн баран маннык растворунан сотобут киртийбэтин курдук».
Туймаада экоферма бу Киллэми таһынан, Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүгэр уонна Нам Хамаҕаттатыгар барыта холбоон 700-чэкэ ынах-сүөһүнү көрөн-истэн олорор. Хотоҥҥо үлэ толору механизированнай буолан, үүт турба устун сүүрэн тута тымнытар сиргэ түһэр. Биир ынах төһө ыамы биэрбитэ тута учуоттанан иһэр, ол курдук аппарат үлэлээн бүттэ даҕаны лиитэрэтэ тахсан кэлэр. Билигин биир ыанахтан ортотунан 12 лиитирэ үүтү ыы олороллор.
Екатерина Афанасьева, "Туймаада" экоферма үүтү тутар учуотчуга: «Турукка киирэн эрэбит, аһылыктара эбиллэн үүппүт тахсан эрэр».
Күннэтэ уопсайа 3 тонна үүтү Гормолзавокка туттараллар. Үүттэрин былаанын ситиһэн үрдүк көрдөрүүлэхтик үлэ салаллар. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, биир ынахтан ыанар үүт көрдөрүүтүн биллэ үрдэппиттэр.
Татьяна Иванова, "Туймаада" экоферма биригэдьиирэ: «9 ый түмүгүнэн 95% былааммытын толорон иһэбит. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээн көрдөхпүтүнэ биир ынахтан 300 л. элбэҕи ыыбыт. 9 ый түмүгүнэн биир ынахтан 2,9 туонна лиитэрэ үүтү ыатыбыт».
Быйыл ынах-сүөһү манна Киллэм мэччирэҥнэх сыһыыларыгар сылдьан, этэҥҥэ сайылаан кыстыыр хотонноругар киирэн оннуларын булан тураллар. Туймаадалар кыһыҥҥы отторун оттоон, эбии ас, сенаж, сиилэс, күөх маасса бэлэмнээн, ону тэҥэ былырыыҥҥы хаһаастара ордон сылы туоруур астаах кыстыгы көрсөллөр.
Билигин маннык быыһык кэмҥэ ынах-сүөһү, сылгы ууга түһүүтэ элбиир, онон хонтуруол кытаатарыгар сүбэлииллэр. Халлаан улам тымныйан эрэр, сотору кэминэн кыстык хаар түһүө. Сайылыктартан ынах-сүөһү алтынньы саҥатыгар номнуо кыстыыр хотонноругар киирэн турар .Мантан инньэ ынах-сүөһү, сылгы, уһун, тыйыс тымныылаах кыстыкпытыгар киирэн, этэҥҥэ төгүрүк сылы туораан кэлэр күөххэ үктэниэ турдаҕа. Саамай сүрүнэ - кыстыыр от, ас саппааһа тиийэн хас биирдии төбө ахсаанын энчирэппэккэ кыстатан таһаарыы сүрүн сыал-сорук.