Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка саҥа лингафоннай хос арылынна

187

Кыһыл лиэнтэ быһыллан сахалыыттан-нууччалыы, нууччалыттан-сахалыы тылбаас кафедратыгар историяҕа киирэр биир бэлиэ түгэн тосхойор. Тустаах кафедра 25 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн саҥа лингафоннай хос арылынна. Бу бырайыак Потанин аһымал пуондатын грааныгар кыайыы чэрчитинэн, тустаах кафедра уһуйааччыларын, чуолаан, доцент Ирина Собакина салайыытынан олоххо киирдэ. 

Ирина Собакина, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Россия уонна Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун саха тылын истилиистикэтин уонна тылбааһын кафедратын доцена, бырайыак салайааччыта: «Биһиги ытыктыыр, убаастыыр киһибитигэр, учууталбытыгар, сахалыы тылбаас сайдыытыгар улаханнык үлэлэспит, төһүү күүс буолбут уонна Арассыыйа таһымыгар дойду атын тылларыттан нууччалыы тылбааска наука уонна үөрэх баар буоларыгар олук уурбут Тамара Ивановна Петроваҕа аныыбыт».

Сахалыы-нууччалыы тылбааска, чахчы, улахан кылаатын киллэрбит, профессор Тамара Петрова төрөөбүт төрүт тылбыт сайдыытыгар үгүс үлэни ыыппыта. Төрүт оскуоланы сайыннарыы кэнсиэпсийэтин, "Ийэ тыл" уопсастыбыннай түмсүүнү тэрийиигэ, тустаах кафедраны арыйыыга онтон да атын үтүмэн үлэни оҥорон хаалларбыта. Онон бу саҥа лингафоннай кабинет кини аатын үйэтитэргэ туһуланар.

Арыллыы сиэригэр-туомугар үгүс элбэх ыалдьыт кэллэ. Университет салалтатыттан саҕалаан, устудьуоннарга, урукку сылларга үөрэммит выпускниктарга тиийэ. Бу күн үөрүүлээх быһыыга-майгыга Тамара Петрова анал истипиэндийэтин институт тумус туттар устудьуона Эмма Игнатьева тутта.

Эмма Игнатьева, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Россия уонна Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун саха тылын истилиистикэтин уонна тылбааһын салаатын 4 кууруһун устудьуона: «Тамара Ивановна аатынан стипендия ыламмын олус үөрэн долгуйан турабын. Бастакы куурустан ылата баҕа санаа баар этэ маннык лингафоннай кабинет арыллара буоллар диэн. Бу дьэ арылынна, наһаа астынныбыт, үөрдүбүт. Сырдык, ыраас, барыта аныгылыы».

Манна даҕатан эттэххэ, тустаах институтка күн бүгүн 1015 устудьуон Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр. Онтон саамай ойуччу миэстэни бу кафедра ылар.

Гаврил Торотоев, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Россия уонна Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун салайааччыта: «Биһиги 25 сыл устата үүнэн-сайдан кэллибит. Балачча элбэх оҕону үөрэтэн-иитэн таһаардыбыт. Тылбаасчыттары, суруналыыстары, учууталлары. Онон бу биһиги бүгүҥҥү тэрээһиммит инникитин тылбаасчыттары бэлэмниирбитигэр төһүү тирэх буолуо дии саныыбын. Бу хос аныгылыы хааччыллыылаах».

Мантан инньэ, идэлээх тылбаасчыттары бэлэмнииргэ суолталаах усулуобуйа тэрилиннэ.