Оҥоһуу өйү сайыннарыы тэтимнээхтик барар
Главное
-
25 ноября в 14:16Зима начинается с Якутии. В столице региона стартовал конкурс ледовых и снежных скульптур
-
25 ноября в 14:02Более чем на 600 миллионов рублей будет увеличена господдержка сельского хозяйства Якутии в 2025 году
-
25 ноября в 13:46Двери сломаны, видеорегистратор украден. Три тёплые остановки разгромили вандалы в Якутске
-
25 ноября в 13:34Автозимник "Хатассы - Павловск". В Якутии открыта первая ледовая переправа через реку Лену
Бу дьоҕус хос иһигэр киһи аймах биир бүтэһик ситиһиитин оҥоһуу өйү күннээҕи олоххо туһаныы ырытан оҥоһуллар. Быйыл үөрэҕин бүтэрбит Алексей Федоров тылы сайыннарыы бырайыагар үлэлиир. Манна кинилэр инниктин хайа баҕар бырагыраамаҕа, ол иһигэр суударыстыбаннай былаас уорганнарыгар докумуон эргииригэр туһаныллар кыахтаах улахан тыл тиһилигин таҥаллар. Үлэ бүтүннүү компьютерга таҥыллар. Омос көрдөххө чуҥкук гынан баран, улахан суолталаах, ис иһигэр киирдэххэ сүрдээх интэриэһинэй идэ.
Алексей Федоров, оҥоһуу өй лабораториятын исписэлииһэ: "Хамаандабытыгар биэс киһи баар. Бырайыакпыт олоххо киирдэҕинэ АйТи-парк резиденнэрэ ылан босхо туһаныахтара. Манна кэлэн олус элбэҕи биллим, үлэлииргэ интэриэһинэй, бары эдэр дьон үлэлиибит".
Маны сэргэ оҥоһуу өйү саха тылын сайыннарыыга уонна харыстааһыҥҥа туттуу тэтимнээхтик сайдар. Ол курдук, "Айта" диэн Ил Дархан сыыппара көмөлөһөөччүтүн олоххо киллэриигэ улахан холбоһуктаах үлэ барар. Саҥа арыллыбыт лабораторияны кыттта Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ыччат лабораторията бииргэ үлэлэһэр. Билигин кинилэр сахалыы тыллаах эрэдээксийэлэри, бибилэтиэкэлэри кытта тылы хомуйаллар.
Сергей Степанов, ХИФУ оҥоһуу өйү чинчийэр ыччат лабораториятын салайааччыта "Олус элбэх тылы хомуйуохха наада. Нуучча, аангылыйа тылыгар элбэх буоллаҕына саха тылыгар оннук буолбатах. Онон элбэх киһи үлэлиир. Билигин кинигэни тиэкискэ көрөһөрөр гына оҥоро сылдьабыт".
Оҥоһуу өй өссө биир сүрүн хайысхата - айылҕа харыстабыла. Манна ойуур баһаарын билгэлиир модель таҥыллар. Инники баар "Сильван" диэн уот ханан баарын көрөдөрөр бырагыраамаҕа ситэрии быһыытынан оҥоһуллар. Оҥоһуу өй баһаар төһө түргэннээхтик хайа диэки тарҕанарын кытта быһаарар кыахтаах буолуоҕа.
Милена Осорова, оҥоһуу өй лабораториятын исписэлииһэ "Биһиги лабораториябыт биэс хайысханан үлэлиир. Ол курдук доруобуйа эйгэтигэр виртуальнай көмелөһөөччү оҥоһуллуохтаах. Биир бастакынан онкология киинигэр туһаныллыа. Бырайыактарбыт кэлэр сыл бастакы аҥаарыгар олоххо киирэн саҕалыахтара".
Ити курдук АйТи-хайысханы баһылыыр эдэр исписэлиистэр күннэтэ дьон олоҕун тупсарыыга туһуланар дьыаланы толороллор. Саҥа үлэлээн эрэр лаборатория барыта 20 тахса үлэһиттээх. Кинилэргэ устудьуоннар көмө буолаллар.Тэрилтэ биэс хайысханан үлэтин түмүгэ эһиил олоххо киириэ.