Халлаан тымныйан уунан сырыы сыыйа тохтуур

75

Покровскай куоракка бастакы хаар. Олохтоохтор түгэни мүччү туппакка социальнай ситимнэри маҥан хаар видеоларынан, хаартыскаларынан толордулар. Оттон обургу оҕолор тутатына хаар киһи оҥорбуттар. Бу күннэргэ үгүс улууска хаардаата.

Саргылаана Никитина, Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр  сулууспа күн-дьыл туругун сылыктыыр салаатын салайааччыта : "Алтынньы 8-9 күннэригэр Красноярскай кыраайтан сис былыт кэлэн арҕаа, соҕуруу уонна киин улуустарга эмиэ инчэҕэй хаары, ардаҕы аҕалыа".

Кэлэр нэдиэлэттэн өрөспүүбүлүкэ улахан аҥаара кыстык хаарынан бүрүллүөҕэ. Халлаан биллэ тымныйан алтынньы 7 күнүттэн Саха сирин үрдүнэн дьоҕус суудуналарга сырыы тохтоото. Онон олохтоохтор мотуоркаларын кыстыыр сирдэригэр тиэннилэр. Ол эрэн, бобуу биллэриллибитин да үрдүнэн кэһээччилэр баар буолан биэрдилэр.

Алын суудуналарга иниспиэксийэ үлэһиттэрэ сырыы сабыллыбытын кэннэ айанныыр суоппары эккирэтэн тохтоттулар. Эр киһи көстүбэккэ-биллибэккэ ааһан хаалыам дии санаабыт.

Ол эрэн иниспиэктэрдэргэ биллибэккэ-көстүбэккэ ким да ааспат. Өрүстэргэ, үрэхтэргэ хонтуруол күүһүрэр.

Оттон паром сырыыта салҕанар. Быһа холоон, Бүлүү өрүскэ алтынньы 7-10 күннэригэр, Алдаҥҥа  14-16 чыыһылаларга уонна  Аллараа Бэстээх-Дьокуускай хайысханан алтынньы 16-22 күннэригэр сырыы тохтуура күүтүллэр. Бу эмиэ күн-дьыл туругуттан тутулуктанар. Онон билигин дьон хаалбыт күннэри баттаһа бэйэ дьыалаларын ситиһэргэ тиэтэйэр. 

Өрүскэ кыдьымах киирдэҕинэ паромнар мууһу солуур аалы кытта тэҥҥэ айанныахтара. Маны тэҥэ алтынньы 18 күнүттэн салгын сыттыктаах суудуналар дьону таһан саҕалыахтара.