Ыччат бэстибээлигэр бастыҥ үөрэх кыһаларын ааттаатылар

88

Бэстибээл хас биирдии үөрэх кыһата бэйэтин хайысхатынан быыстапка, маастар-кылаас тэрийдэ. Дьокуускайдааҕы медицинскай колледж устудьуоннара хас да быһаакканан үлэлээтилэр. Манна эти-хааны чэбдигирдэр ньыымалары, саҥа олоххо киллэрбит бырайыактарын билиһиннэрдилэр.

Екатерина Соловьева, медицинэ колледжын устудьуона: "Биһиги “Лечебное дело” идэҕэ үөрэнээччилэр куртаҕы ыраастыыр маастар-кылааһы көрдөрөбүт. Оттон аттыбытыгар массаж оҥороллор. Манна ким баҕалаах кэлиэн сөп".

Лиана Кривошапкина аан бастакытын маннык бэстибээлгэ кытта кэлбит. Олус интэриэһинэй маастар-кылаастарга сылдьыбытын, элбэҕи саҥананы билбитин үллэстэр.  

Лиана Кривошапкина, медицинэ колледжын устудьуона: "Бэйэм үөрэҕим кыһатын көрдөм. Араас барыта баар. Массажка сырыттым".

Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникума былырыын Ил Дархан граанын куонкуруһугар кыттан, кыайыылаах ааты ылан 5 мөлүйүөн солкуобайы ылбыта. Бу үбүнэн үс бырайыагы олоххо киллэрдэ. Спортивнай саалаҕа өрөмүөн, саҥардыы үлэтин ыыппыттар, маны таһынан теннистиир саала арыйбыттар.

Каролина Тимофеева, Тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуона: "Хобобур курдук көрдөрө кэллибит. Өрөмүөн үлэтин, инниктин туох баар буоларын көрдөрдүбүт. Спорт саалатыгар кабинкалар буур буолуохтара уонна саҥа аппаратура ылыллыахтаах".

Оттон быйыл Ил Дархан грааныгар барыта 20-чэ кэриҥэ сайаапка киирбит, онтон сэттэ үөрэх кыһата бастыҥтан бастыҥ ааты ылыаҕа.

Любовь Афанасьева, Анал идэлэр үөрэхтэрин сайыннарар институт дириэктэрин солбуйааччы: "Хайысхатынан буолбакка туохха күүстээҕинэн диэххэ. Холобур, ким эрэ үөрэххэ, ким эрэ спортка, ким эрэ куонкурустарга кыттарга күүстээх".

Быйылгы сыл түмүгүнэн айар-тутар, талааннаах үөрэх кыһатынан  Дьокуускайдааҕы креативнай индустрия "Айар уустар" колледжа буолла.

Елена Яковлева, Дьокуускайдааҕы "Айар уустар" колледж дириэктэрэ: "Улахан ситиһиини ситиспиппититтэн олус үөрэбин. Айар-турар эйгэ сайдыыта, биһиги оҕолорбут, уһуйааччыларбыт тэҥҥэ сайдыылара сыаналанна". 

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн орто анал үөрэх кыһаларыгар улахан болҕомто ууруллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн 40-тан  тахса анал үөрэх кыһата баар. Сылын аайы үөрэх кыһаларыгар өрөмүөн, саҥардыы үлэтэ ыытыллар, саҥа хайысхалар эбиллэллэр.