Сэтинньиттэн киин куоракка оптуобус сырыыта уларыйар

90

Дьокуускай куорат 203 дьоҕус түөлбэтин олохтооҕо Лия Николаевна Горохова аны даачатыгар диэри түргэнник айаннаан тиийиэҕэ. Ол курдук, 14 нүөмэрдээх оптуобус сэтинньиттэн Хабарова уулуссаны хабан айанныаҕа. Оччотугар үгүс 203 түөлбэ олохтоохторо кэлиилэригэр-барыыларыгар табыгастаах усулуобуйа олохтонор.

Лия Горохова, Дьокуускай куорат олохтооҕо: "Биһиги 203 түөлбэ олохтоохторо бөлөҕүнэн оптуобус маршрутун талбыппыт. Баар оптуобустарга 14 нүөмэрдээҕи эбэри талбыппыт. Үчүгэй буолуо этэ Хабароваҕа тохтоотоҕуна, холобур, “Столичный” рынок, аэропорт диэки барарга".

Уопсайа 9 автобус маршрута уларыйара күүтүллэр. Холобур, 35 №-дээх оптуобус төгүрүччү айанныыр буолар. Ол эбэтэр,  Рихарда Зорге уулуссаҕа баар тохтобул бүтэһик буолан бүтэр, мантан  бастакы холуонньаҕа диэри салгыы айанныыр буолуоҕа. Биллэн турар дьон санаата араас, ол эрэн суоппардар эрдэтээҥҥи маршруттарын ордороллорун биллэрэллэр.

Афанасий Максимов, 35 -дээх автобус суоппара: "Холуонньаҕа бүтэһик тохтобулу оҥорбуттара охсуулаах буолуон сөп. Манна дьон аҕыйах. Дьиҥэ Рихарда Зорге оҥорбуттара буоллар дьоҥҥо табыгастаах буолуо этэ итиэннэ порт оройуонугар таһаарыа этибит. Мин санаабар, оннук ордук".

Биир сүрүн уларыйыы икки саҥа маршрут баар буолбут. Куорат иһинэн айанныыр 12 нүөмэрдээх уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ сылдьар 110 нүөмэрдээх оптуобус.

“Саҥа 12№-дээх оптуобус 15,25 опуобустары солбуйуоҕа. Ол эбэтэр, бу тырааныспардар сылдьыбыт сирдэринэн 12№-дээх сылдьар буолуоҕа”, - диэн корреспондент Ирена Осипова иһитиннэрдэ.

Оттон куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ айанныыр саҥа маршрут бастакы бүтэһик тохтобула мөлөтөхтүк саҥарар оҕолор оскуоларын аттыгар буолуоҕа, оттон иккиһэ Пригородное бөһүөлэккэ Геодезистар уулуссаларыгар. Даҕатан эттэххэ манна билигин суолу саҥардыы үлэтэ ыытылла турар, ол кэннэ тупсарыы, сырдатыы үлэтэ оҥоһуллан оптуобус сырыыта арыллыаҕа. Маныаха схемаҕа уларыйыы киирэр эбит буоллаҕына, тохтобуллар оннуларыгар хаалаллар.

Эдуард Садовников, Дьокуускайдааҕы тырааныспар сулууспатын салайааччыта: "По маршруту №16 - в связи с тем, что он меняет направление движения с остановки конечной Воинская, ранее он двигался по проспекту Николаева - Красильникова, теперь же он будет ездить до района Сайсары через мкр. Птицефабрика. В связи с этим для жителей, проживающих в районе 1-ого отдела полиции будет обустроена дополнительная автобусная остановка".

Оптуобус сырыытыгар саҥа сүүрээни киллэрэргэ уопсастыбаннай тырааныспарга сырыыны хааччыйар урбаанньыттар, куорат дьаһалтата кыттыылаах улахан мунньах ыытыллыбыта. Ону тэҥэ олохтоохтор баҕа санааларын эмиэ учуоттууллар. Билигин да саҥа схеманы ырытыы, дьүүллэһии бара турар.