Брайль шрибигэр көһөрүллүбүт букубаар өссө биир ситиһиилэннэ.
Главное
-
25 ноября в 14:42Рейды и массовые проверки. В Якутии Госавтоинспекция работает в усиленном режиме
-
25 ноября в 14:16Зима начинается с Якутии. В столице региона стартовал конкурс ледовых и снежных скульптур
-
25 ноября в 14:02Более чем на 600 миллионов рублей будет увеличена господдержка сельского хозяйства Якутии в 2025 году
-
25 ноября в 13:46Двери сломаны, видеорегистратор украден. Три тёплые остановки разгромили вандалы в Якутске
Букубаарга бастакы хардыылар. Кырачаан үөрэнээччи Милена илиитин иминэн ааҕарга үөрэнэр. "К" буукубаҕа куобах ойуулана сылдьарын тута быһаарар. Быйыл брайль шрибигэр көспүт учебнигынан саҥа туттар. Кинини тифло-педагог Инна Балбахова уһуйар. Инна Дмитриевна билигин өрөспүүбүлүкэ оҕолоро бары үөрэнэ сылдьар букубаардарын көрбөттөр шрифтэригэр көһөрбүт. Бу эйгэҕэ улахан уопуттаах учуутал оҥорбут кинигэтэ буолан оҕолор судургутук ылыммыттар.
Инна Балбахова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал коррекционнай оскуола-интэринээт АЛЫН кылаас учуутала: "Биһиги оҕоллрбутугар сахалыы букубаар эмиэ наһаа наада. Саха тылын уруогун биэрэбит. 1-12 кылааска диэри учебниктары таһаарыахтаахтар. Алын кылаас оҕолоругар кинигэлэри сөп түбэһиннэрдибит".
Оттон бу кэмҥэ мөлтөхтүк көрөр Милена бииргэ үөрэнээччилэрэ билиилэрин сахалыы ойуулук көрөн чиҥэтэллэр. Брайль шрибинэн букубаар тахсыар диэри уһуйааччылар бэйэлэрин уопуттарыгар олоҕуран оҥорбут матырыйаалларынан оҕо оскуола бырагырааматын ылынарын ситиһэллэрэ.
Учебниктары брайль шрибигэр көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи анал коррекционнай оскуола-интэринээт уонна көрбөттөр билибиотекаларын холбоһуктаах бырайыага. Онон учууталлар кылааһынан арахсан үлэлэспиттэр. Күн бүгүн уопсайа туһааннаах үөрэх кыһатыгар 125 мөлтөхтүк көрөр оҕо үөрэнэр, балар истэригэр 43 үөрэнээччи брайль шрибинэн ааҕар-суруйар. Кинилэргэ анаан оскуола учууталлара, ол эбэтэр тифлопедагогтар учебник тылын-өһүн сөп түбэһиннэрбиттэр. Оттон библиотекалар техническэй өттүгэр эппиэттээх буолбуттар. Сүрүн үлэ кинигэ уруһуйугар ууруллубут.
Сахаайа Данилова, И.Н. Егоров-Горнай аатынан СӨ көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал библиотекаларын үлэһитэ: "Оҕо илиитин иминэн судургутук, болҕомтото ыһыллыбатын курдук үлэлэстибит. Онон уруһуйдары сөптөөх гына оҥордубут".
Сыралаах үлэ бастакы хараҥаччыта букубаар "Печатный двор" диэн быыстапка - дьаарбаҥкаҕа Уһук Илин уонна Сибиир бастыҥ кинигэнэн ааттаммыт. Маны сэргэ көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөөччүлэр кинигэлэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэҕэр эмиэ кыайыылаах буолбута. Ол аата букубаар табыллыбытын, үрдүк хаачыстыбалаах буолбутун бэлиэтэ. Саамай сүрүнэ оҕолорго табыгастааҕа.
Айталина Корнилова, И.Н. Егоров-Горнай аатынан СӨ көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал библиотекаларын дириэктэрэ: "Бу бырайыак сыал-соруга диэн саха тылын сайыннарыы, үөрэтии уонна үөрэх хаачыстыбатын тупсарыы буолар. Бырайыак 2027 сылга диэри үлэлиэҕэ. Кэлэр үс сылга саха тылын учебниктарын бука бары кылаастарга оҥоруохпут".
Бырайыак оҕо доруобуйатын уратытыттан тутулуга суох хаачыстыбалаах үөрэхтээһини хааччыйыыга туһуланар. Оттон көрбөттөр библиотекалара аһыллыаҕыттан 1999 сылтан 600 тахса кинигэни таһаарда.