Эстрада тыйаатыра саҥа испиктээкили бэлэмниир
Главное
-
25 ноября в 14:42Рейды и массовые проверки. В Якутии Госавтоинспекция работает в усиленном режиме
-
25 ноября в 14:16Зима начинается с Якутии. В столице региона стартовал конкурс ледовых и снежных скульптур
-
25 ноября в 14:02Более чем на 600 миллионов рублей будет увеличена господдержка сельского хозяйства Якутии в 2025 году
-
25 ноября в 13:46Двери сломаны, видеорегистратор украден. Три тёплые остановки разгромили вандалы в Якутске
Испиктээкилгэ биир сүрүн оруолу эдэр кэскиллээх артыыс Сияна оонньуур. Кини эмэгэт, ол эбэтэр маһынан ду туоһунан ду оҥоһуллубут иччи уобараһын көрдөрөр. Кини тыйаатыр сыанатыгар араас оруолу толорбута, ол эрэн бу эмэгэти оонньуур сүрдээх уустук уонна эппиэтинэстээх буоларын үллэстэр.
Сияна Грязнухина, СӨ эстрада тыйаатырын артыыһа: «Ис туруккун кытта үлэлиэххэ наада, ону таһынан эт -хаан өттүнэн эмиэ. Имигэс хамсаныылары оҥоро сылдьан ыллыахха наада. Туохха да аралдьыйбакка бэлэмнэниэххэ наада. Онон оруолбунан олоробун».
Артыыстар күннэтэ бэлэмнэнии үөһүгэр. Хас биирдии хамсаныыларын, куоластарын чочуйаллар. Манна даҕатан эттэххэ, мюзиклга бары артыыстар тыыннаах куоластарынан ыллыыллар.
Дуолан Ушницкий - Оталан, СӨ эстрада тыйаатырын артыыһа: «Этно-фьюжн мюзикл буолар. Барыта эт куолаһынан, ырыаларга доҕуһуол диэн суох. Үҥкүүлүүбүт, ыллыыбыт, саҥарабыт. Соһуччу кэлэн кыттан киирэн бардахха сылаалаах буолуо, биһиги бэлэмнэммиппит өр буолла. Артыыс барытын тулуйуохтаах».
Кырдьык да, эстрада тыйаатыра идэлээх артыыс барыны бары сатыахтаах диэн санаанан салайтараллар. Ырыанан эрэ муҥурдаммакка, үҥкүүгэ эмиэ күннэтэ дьарыктаналлар. Бу испиктээкилгэ хореографияны туруорааччы хас биирдии артыыс кыаҕын көрөн үҥкүүлэри туруорбут.
Василий Сорокин — Айгылаан, СӨ тыйаатырын артыыһа, испиктээкилгэ үҥкүүнү туруорааччы: «Биһиги артыыстарбыт талыллыбыт үҥкүүһүттэр буолбатахтар, ол иһин кинилэр кыахтарын учуоттаан үҥкүү туруоруохха наада. Ол эрэн чэпчэки суолу көрдөөбөтүбүт, төһө кыалларынан хаачыстыбаннайдык, идэтийбит таһымнаахтык оҥоро сатаатыбыт».
Онон саҥа туруорууга бииртэн биир чаҕылхай нүөмэри, артыыстары көрүөххэ сөп. Киэргэтиигэ, көстүүмнэргэ эмиэ улахан болҕомто ууруллубут. Бу туруорууга тыйаатыр труппата номнуо сайынтан саҕалаан бэлэмнэнэ сылдьар.
Мария Герасимова, СӨ эстрада тыйаатырын уус-уран салайааччыта: «Испиктээҕил олус киэҥ хабааннаах, мин көрдөхпүнэ. Сүрдээх элбэх сыра барда. Маны сэргэ айар үлэбитин тохтоппокко сылдьабыт. Холобур, Нам, Хаҥалас, Горнай улуустарыгар нэдиэлэ ахсын кэнсиэр көрдөрөбүт».
Саҥа испиктээкили бары дьиэ кэргэнинэн кэлэн көрүөххэ сөп. Сахалыы остуоруйалар, үһүйээннэр матыыптарыгар олоҕурбут буолан кырачаан көрөөччүлэр сэҥээриилэрин эмиэ ылара саарбаҕа суох. Мюзикл алтынньы 11, 12,13 күннэригэр сүрэхтэниэ.