Арчы дьиэтигэр оннуттан өрөмүөн ыытыллар

91

Үс купол  сырдаан ыраахтан көстөллөр. Ол курдук, биир бастакынан дьиэ тас бараанын саҥардыы үлэтэ ыытыллыбыт.  Кырааскалааһын, иҥнэри барбыт сэргэлэри көннөрүү, күрүөнү-хаһааны уларытыы.

Киирии аарка эрдэ көннөрү аан эбит буоллаҕына, билигин  Үс Хатыҥҥа ыһыахтыыр сиргэ киирии курдук оҥоһуллубут. Оттон өрөмүөн үлэтэ бу от ыйыгар саҕаламмыт. Тас өттүн номнуо бүтэрэн эрэллэр, тиэргэн иһин тупсарыы хаалбыт. Бу үлэни Арчы дьиэтин үлэһиттэрэ бэйэлэрэ ылсыбыттар.

Сандал Захаров, Арчы дьиэтин исписэлииһэ: "Кэтэһиилээх өрөмүөөммүт бара турар. Биэс биригээдэ үлэлии сылдьар. Иһинэн-таһынан тэҥинэн үлэ барар".

Күн бүгүн дьиэ ис бараанын өрөмүөннүү сылдьаллар. Муостаны бүтүннүү уларытан, билиги плинтус уурааһына, уот систиэмэтин саҥардыы үлэлэрэ ыытыллаллар. Манна даҕатан эттэххэ, 20 тахса сыл буолан баран Арчы дьиэтин оннуттан өрөмүөннээн эрэллэр. Барыта оннуттан оҥоһуллар буолан үлэ тардыллыбыт.  

Лариса Андреева, Арчы дьиэтин дириэктэрэ:"От ыйыгар саҕаламмыта уонна балаҕан ыйыгар түмүктэниэхтээх этэ. Ону өссө уһатан биэрдибит. Тоҕо диэтэр истиэнэлэрин уоттан харыстыыр суурадаһынынан ыстараннар эриэн-бураан. Ол иһин дэхсилээһиҥҥэ бириэмэ барар".

Оттон өрөмүөн да кэмигэр духуобунай киин үлэтэ тохтообот. Күн бүгүн Арчы дьиэтин иһинэн 29 араас түмсүү үлэлиир. Билигин кинилэр таһыттан уонна атын култуура кииннэригэр дьарыктары салгыыллар.

Любовь Константинова, Арчы дьиэтин уус-уран салайааччыта:" Түмсүүлэрбит араас тэрилтэлэргэ, хайдах кыах баарынан, дьарыктаналлар. Арылыннахпытына дьарыктанаары, түмсээри кэтэһэ сылдьаллар. Оһуохай түмсүүтэ хас өрөбүл ахсын сынньалаҥ пааркатыгар араас тэрээһиннэри ыыталлар".

Онон Арчы дьиэтэ арылларын үгүс киһи долгуйа күүтэр. Саҥардыллыбыт киин быһа холоон нэһилиэнньэҕэ аанын сэтинньи ыйга арыйыаҕа.