Айан суолун оҥорууга федеральнай үбүлээһин улаатар
Главное
-
26 ноября в 00:53График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 26 ноября
-
26 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 26 ноября
-
25 ноября в 14:42Рейды и массовые проверки. В Якутии Госавтоинспекция работает в усиленном режиме
-
25 ноября в 14:16Зима начинается с Якутии. В столице региона стартовал конкурс ледовых и снежных скульптур
Саҥа оҥоһуллубут "Умнас" суолунан сырыы сыыйыллан олорор. Саҥардыллыбыт тыраак түөрт балаһалаах, утары таары сырыыны араарар тимир тутуулаах. Уопсайа 12 килэмиэтир кэриҥэ усталаах сир оҥоһуллубут. Сүрүн үлэ түмүктэнэн үлэһиттэр суол кытыытын тупсарыыга киирбиттэр. Улахан эппиэтинэстээх үлэҕэ кыра да алҕас тахсыа суохтаах, онон тутааччылар миллимиэтиригэр тиийэ кээмэйдээн оҥороллор.
Андрей Аргунов, суол оҥорор биригээдэ биригэдьиирэ: "Аспаал үлэтэ улахана бүппүтэ. Тротуардары аспааллыахпыт. Билигин балаһаны араарар тимирдэр төбөлөрүн ситэрэ сылдьабыт".
Хаҥаластыыр суол "Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар" федеральнай бырайыагынан оҥоһуллар. Ситтэҕинэ-хоттоҕуна суолу кыйа күрүөлээх тротуардаах буолуоҕа. Маны сэргэ 12 оптуобус тохтобулун туруоруохтара. Номнуо 11 светофор турбут. Бу үлэ барыта икки сыллааҕыта саҕаламмыта. Болдьохтон хаалыы суох.
"Умнас суолун кэрчигин оҥоруу алтынньы ыйга түмүктэниэҕэ. Билигин үлэ 80 тахса бырыһыана туолан тура. Бу суол биир сүрүн уратыта диэн ааһар массыыналар тыастара иһиллибэтин диэн олорор дьиэлэр баар өттүлэриттэн тыаһы аччатар халыҥ олбуор турда", - корреспондент Мария Дмитриева кэпсиир.
Өссө биир улахан үлэ Нам улууһугар бара турар. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах Хамаҕатта нэһилиэгин иһинэн ааһар 4 киэмиэтирдээх суолу аспааллааһын барар. Аспаал бастакы дьапталҕата номнуо ууруруллубут. Суолу оҥорор массыына үлэтин хас да исписэлиис салайар.
Евгений Ушницкий, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга: "Үлэ кэлэр ый 15 чыыһылатыгар түмүктэниэхтээх. Ол эрэн эрдэ бүтэриэх курдуктар. Бу күннэргэ иккис дьапталҕа аспаалын бүтэриэхтээхтэр. Ол кэннэ икки сиргэ түөрт оптуобус тохтобулун оҥоруохтара. Онтон иккитэ саҥардыллыахтаах. Ичигэс тохтобул буолуохтаах. Итини сэргэ күрүөлээх тротуар оҥоруохтара".
Оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быйыл уопсайа барыта "Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар" бырайыак чэрчитинэн 175 килэмиэтир суол оҥоһуллар. Мантан 80% эригийиэн таһымнаах суол. Оттон 31 килэмиэтирэ Дьокуускай иһигэр. Быйыл уопсайа барыта 24 сиргэ суол оҥоруута бара турар.
Анатолий Потапов, СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы: "Тоҕус ый түмүгүнэн биһиги сэттэ эбийиэги туттардыбыт. Национальнай бырайыак чэрчитинэн биэс сыл иһигэр уопсайа 1224 килэмиэтир суолу ирдэбилгэ эппиэттиир оҥордубут. Ол иһигэр 1063 килэмиэтирэ эригийиэн таһымнаах суоллар уонна 163 килэмиэтирэ Дьокуускай иһинээҕи уулуссалар. 2019 496 мөл. солк. курдук үп көрүллэр буоллаҕына билигин 4,2 млрд. Ол аата үбүлээһин 8,5 төгүл улаатта диэн бэлиэтиэххэ наада".
Оттон быйылгы үлэҕэ уопсайа барыта 9 миллиард солкуобай үп көрүллүбүт. Сүрүн үлэ алтынньы ыйга түмүктэниэ.