Халаан уутун содулун туоратыыны Ил Дархан Айсен Николаев бэрэбиэркэлээтэ
Главное
-
26 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 26 ноября
-
25 ноября в 14:42Рейды и массовые проверки. В Якутии Госавтоинспекция работает в усиленном режиме
-
25 ноября в 14:16Зима начинается с Якутии. В столице региона стартовал конкурс ледовых и снежных скульптур
-
25 ноября в 14:02Более чем на 600 миллионов рублей будет увеличена господдержка сельского хозяйства Якутии в 2025 году
Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо Ольга Ивановна Петрова бу саас халаан уутуттан дьиэтэ-уота эмсэҕэлээбит. Бу түөлбэҕэ бастакынан ууга барбыт, дьиэлэрин үрдүн саппыт. Өрөспүүбүлүкэ салалтата, улуус дьаһалтата, биир дойдуулаахтара бары күүс-көмө буоллулар. Ким да туора турбата, биир сомоҕо буолан көмөлөстүлэр. Билигин да көмө кэлэ турар диэн үөрэ кэпсиир.
Ольга Петрова, Хатырык нэһилиэгин: “Син биир сыл аайы ууга барабыт. 2010 сыллаахха дьиэбит аҥаара барбыта. Оттон быйыл бүтүннүү ылбыта. Бааһынам барыта барбыта, эргэ хотонум сууллубута, баанньыгым, сарайым барыта. Дьэ, онно баҕас норуот күүһэ диэни онно билибитим. Уонча хонук иһигэр кэлэн барытын ыраастаабыттара”.
Ольга Ивановна билигин саҥа дьиэтэ тутулла турар, аны аҕыйах ыйынан саҥа дьиэбитигэр киириэхпит диэн үөрэр. Ил Дархан Айсен Николаев көрсүһүүгэ сэтинньи ыйга диэри дьиэлэр бүтэн, социальнай гаастааһын бырагыраамматыгар киириэххит диэн эрэннэрбитин олохтоохтор үөрэ иһиттилэр.
Ольга Петрова, Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо: “Айсен Сергеевичка ыйытыы биэрдим. Саамай улахан боппуруоспут гаастааһын. Ону кэтэбилгэ ыллым, барыта этэҥҥэ буолуо диэтэ”.
Салгыы Айсен Николаев Хатырыкка улаханнык алдьаммыт суолу чөлүгэр түһэрии үлэтин көрдө, ситэрэн-хоторон биэрэллэригэр сорудахтаата.
Маны таһынан улахан сүбэ мунньах ыытыллынна. Улууска билиҥҥи туругунан халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ туох көмө оҥоһулла турарын, ыытыллар үлэлэри итиэннэ ситэри быһаарылла илик боппуруостары кэпсэттилэр.
Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана: “Ол түмүгэр кэлэр нэдиэлэҕэ 56 мөлүйүөн тыа хаһаайыстыбатын өйөбүлүгэр барыаҕа. Тыырыллыбыт үп хотоннору, арыы собуоттарын чөлүгэр түһэриигэ барыаҕа. Оттон сылгыларын, сүөһүлэрин сүтэрбит дьоҥҥо биир нэдиэлэ иһигэн быһаарыллан, 40-ча мөлүөйүөн солкуобай көрүллэн улуустарга тиийиэхтээх”.
Күн бүгүн Нам улууһугар халаан уутун кэнниттэн чөлүгэр түһэрии үлэтэ тохтообокко бара турар. Социальный эбийиэктэр, ол иһигэр оскуолалар, оҕо уһуйааннара кыстыгы толору бэлэмнээх көрүстүлэр. Суол хаһаайыстыбатыгар үлэ түмүктэннэ, билигин бөҕөргөтүү үлэтэ ыытыллар.