Үүт аһы оҥоруу дэлэйэр
Главное
-
26 ноября в 00:53График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 26 ноября
-
26 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 26 ноября
-
25 ноября в 14:42Рейды и массовые проверки. В Якутии Госавтоинспекция работает в усиленном режиме
-
25 ноября в 14:16Зима начинается с Якутии. В столице региона стартовал конкурс ледовых и снежных скульптур
Арыы сыаҕар саҥа сүүрээн. Нам улууһун хаһаайыстыбаларын туттарбыт үүтэ бу дьоҕус Модут арыы оҥорор сыаҕар оҕо аймах сөбүлээн сиир аһа буолан тахсар.
Олохтоох ынах үүтүттэн оҥоһуллар бөһүүкэ атыыга хамаҕатык барар буолан, үлэһиттэр сакааһы толорууга тиэтэйэллэр. Оҥорон таһаарыыга саҥа көрүҥ үлэһиттэргэ эмиэ саҥалыы тыыны биэрбит.
Мария Аргунова, арыы сыаҕын маастара: "Мороженай" быйыл оҥорон саҕалаатыбыт. Оҥорорго интэриэһинэй, үчүгэй. Оҥоһуута судургу. Биир партияҕа 16 устуука оҥоһуллан тахсар. Күҥҥэ түөртүү партияны оҥоро турабыт .
Ону сэргэ дьэдьэн, сакалаат уонна манго амтаннаахтар оҥоһуллаллар. Мороженай 200 грамм гына кумааҕы иһиттэргэ кутуллар. Күҥҥэ ортотунан 70 устуука тахсар. Улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн арыы сыаҕа бастаан туһааннаах оборуудабанньаны ылбыт. Онтон куйаас күннэри баттаһа бу сайын саҕалаабыттар. Маны сэргэ кэпэрэтиип хаһаайыстыбалартан туппут үүтүттэн сүөгэй, чөчөгөй уонна арыы оҥорор.
Александр Винокуров, "Эрэл" тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин салайааччытын солбуйааччы, технолог: "Быйыл биһиги тэрилтэ үүккэ сорудахпыт 2600 туонна. Үрүҥ аска биэс көрүгэр уонна арыыга сорудахтаахпыт. Барыта 10 арыы сыахтаахпыт, ону сэргэ 9 үүт тутар пууннаахпыт. Сүрүн оҥорон таһаарыыбыт үүт оҥорор собуокка оҥоһуллар".
Үүт соҕотуопката быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ былааны куоһаран иһэр. Ол курдук сыллааҕы кээмэйтэн 84% номнуо туолбут. Күн бүгүн хаһаайыстыбалар үрүҥ илгэни туттарар тэтимнэрин ыһыктыбакка олороллор. Нам улууһа номнуо былаанын толорбут, иккис сунтаар улууһа иһэр. Манна 5,6 тыһыынча туонна үүтү тутан, соҕотуопкалаабыттар. Онон Тыа хаһаайыстыбатын минситиэристибэтин сылыктааһынынан бу ыйга былаан туолар. Санатан эттэхэ, өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл 55 тыһыынча туонна үүт тутуллан соҕотуопкаланыахтаах.
Егор Чичигинаров, СӨ ТХМ ас-үөл салаатын салайааччы: "Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ дьиҥэр кыра. Ааспыт сылга 61 тыһыынча туонна туолбута. 1% куоһаран толорбуппут. Дьиҥэр быйыл эмиэ оннук былааннаах олоробут. Онон бүддьүөт көннөрүүтүгэр эбии 6 тыһыынча туоннаны көрдөөн олоробут. Харчытыгар этэр эбит буоллахха 408 мөл. солкуобай".
Быйылгы былаан аччааһынын төрүөтэ үүт лиитэрэтин сыанатын үрдээһинэ. Күн бүгүн үрүҥ илгэни соҕотуопкалыыр 20 улуус бары сыллааҕы үбүлээһиннэрин тутан олороллор. Бу сылга үрүҥ аһы оҥоруу көрүҥэ элбээбит. Олортон биирдэстэрэ модуттар бөһүүкэлэрэ. Сонун аһы сотору кэминэн Дьокуускайга атыыга таһаарыахтара. Инникитин аны "арбуз" уонна "апельсин" амтаннааҕы оҥоруохтара.