Саха сиригэр хаһаайыстыбаларга хомуур үгэнэ

76

Бүтэһик сылаас күннэри баттаһа чааһынайдар да бөдөҥ хаһаайыстыбалар да хортуоска хомууругар таҕыстылар. Кырдьык да, биир күн дьылы аһатар диэбиттии бу күн хомуурга анаммыт курдук туран биэрдэ. Нам олохтооҕо Михаил Данилов сыллата сүрүн үлэтин таһынан күһүҥҥү кэмҥэ хомуур үлэтигэр холтууралыыр.

"Бэйэ аһыырыгар уонна чугас дьонугар кыһыҥҥы хаһааһы мантан булунабын. Халлаан эрэ туран биэрдэр. Билигин улахан бааһынаҕа таҕыстыбыт. Манна сирэ киэҥ. Бу нэдиэлэҕэ бүтүөхтээх хомуур. Онтон сүбүөкүлэ уонна моркуоп хаалар",-  диэн Нам олохтооҕо Михаил Данилов үллэстэр.

Сыллата бөдөҥ хаһаайыстыбаларга устудьуоннар эмиэ кэлэн көмө буолаллар.  Бөтүҥ нэһилиэгэр Агротехнологическай унивесритет уонна Нам педколледжын устудьуоннара үлэлии сылдьаллар. Валя Неустроева педколледж 2 кууруһун устудьуона. Кини бииргэ үөрэнэр доҕотторун кытта эбии харчылаһаары итиэннэ  иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаараары бу хортуоска хомуйуутугар тахсыбыттар.

Валя Неустроева, Намнааҕы педагогическай колледж устудьуона: “Сорох оҕолорбут атын бааһынаҕа сылдьаллар. Оттон биһиги манна 60-ча куулу оҥорон эрэбит. Бүгүн үлэлииргэ олус үчүгэй күн”.

Валя Неустроева харчы манньаҕа үлэлии сылдьар эбит буоллаҕына Агротехнологическай университет устудьуона Айсен Арбыкин үөрэх быһыытынан практикаҕа сылдьар. Инники идэтэ тыа хаһаайыстыбатын кытта ыкса ситимнээх буолан кини туспа интириэстээх.

"Бу хомуур үлэтигэр бастакыбын комбайн үрдүгэр тахсан үлэлии сылдьабын. Биһиги манна балаҕан ыйын 6 күнүгэр кэлбиппит. Билигин 6 бааһынабытыгар сылдьабыт", -  диэн Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет устудьуона Айсен Арбыкин этэр. 

Бөдөҥ хаһаайыстыбалар билигин тиэхиникэтэ суох сатамматтар. Хостооһун үлэтин барытын комбайн оҥорор. Оттон Айсен Арбыкины кытта тэҥҥэ биһиги устар бөлөх эмиэ комбайыҥҥа үлэлээн көрдүбүт. 

"Илии үлэтин тэҥэ улахан хаһаайыстыбаларга тиэхиньикэ көмөтө сүҥкэн. Комбайн хостообутун кэннэ үлэһиттэн тутатына улахан бөхтөн-сыыстан ыраастыыллар", - диэн корреспондент Ирена Стручкова кэпсээтэ.

Бөтүҥ нэһилиэгэр  Григорий Уваровскай хаһаайыстыбата биир бөдөҥ хаһаайыстыба. 15 гаа иэннээх бааһынаҕа хортуоска хото үүммүт. Үүнүү мөлтөҕө суох, орто диэн үлэһиттэр этэллэр. Быйыл "розара" диэн суорду ыспыттар. Оттон Нам улууһугар уопсайа 24 хаһаайыстыбаҕа билигин хомуур үлэтэ ыытыллар.

Юрий Петров, Нам улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччытын солбуйааччыта: “Хортуоска хомуура ортолоон эрэр. 369 гектартан 212 гетарын хомуйдубут. 2127 туонна хортуосканы хаһаайыстыбалар ыллылар”.

Онон билигин Саха сирин үрдүнэн хомуур үлэтэ ортолосто. Былаан күн бүгүн 82% туолла диэн туһааннаах министиэристибэҕэ иһитиннэрэллэр. Төһө да кэккэ улуустарга кураан дьыл туран былаан туолар чинчилээх.