Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын хараҕын босхо лазерынан көннөрөллөр
Главное
-
26 ноября в 00:53График отключения электроэнергии и водоснабжения в Якутске на 26 ноября
-
26 ноября в 00:35Прогноз погоды в Якутске на 26 ноября
-
25 ноября в 14:42Рейды и массовые проверки. В Якутии Госавтоинспекция работает в усиленном режиме
-
25 ноября в 14:16Зима начинается с Якутии. В столице региона стартовал конкурс ледовых и снежных скульптур
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар бу сайыҥҥыттан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна хантараагынан сулууспалыы барыан баҕалаахтарга төлөбүрэ суох харахтарын лазерынан эпэрээссийэни оҥорон саҕалаабыттара.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Хаҥалас улууһун олохтооҕо уоппускатын кэмигэр кэлэн хараҕар эпэрээссийэ оҥотторбут.
"Быраастар көрөн-истэн түргэнник эпэрээссийэ оҥордулар, байыас үчүгэйдик кыраҕы харахтаах буоллаҕына этэҥҥэ сылдьар. Хараҕым олус үчүгэйдик көрөр буолла. Ачыкыта суох сылдьабын, массыына ыытабын. Онон быраастарга махталым улахан", диэн анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Тихон санаатын үллэстэр.
Лазерынан эпэрээссийэни, саҥа "Смайл" диэн аппараакка оҥороллор. Эпэрээссийэ 20 мүнүүтэ иһигэр оҥоһуллар.
"Аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир анал аппарааттар эбиллэн дьону эмтииргэ тургэн да чэпчэки да буолла. Холобур, “Смайл” аппараат киһи хараҕар 3 мм эрэ кэтиттээх сири хайа быһар. Олус кыра буолан тигиллибэт, бэйэтэ оһор, чэр буолан хаалар. Онон охттор, эчэйэр түгэҥҥэ аһыллыбат, хамсаабат. Эпэрээссийэ этэҥҥэ аастаҕына 20 мһнһһтэ оҥоһуллар", - диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын офтальмолог-хирург бырааһа Максим Дьячковский кэпсиир.
Харах ыарыытын эмтииргэ саҥа оборуудабанньа баар буолбута улахан кыаҕы биэрэр. Балыыһа билигин кэҥээн, ситимнээх үлэни ыытар. Күҥҥэ 10-тан тахса эпэрээссийэ оҥоһуллар.
Максим Дьячковский, Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын офтальмолог-хирург бырааһа: "Бу аппараат мөлтөхтүк көрүүнү эрэ эмтээбэт. Роговицаны көһөрүү эмиэ манна оҥоһуллар. Аппараат эмтиир кыаҕын кэҥэтэр тэриллэрэ кэлэ тураллар. Маныаха соҕурууттан быраастар кэлэн биһигини үөрэтэллэр. Балыыһабыт кэҥиир. 3 этээс бүтүннүү эпэрээссийэлиир сир буолар".
Дьааҥы улууһун олохтооҕо Августина Слепцова икки хараҕа катаракта буолан киирбит. Эпэрээссийэҕэ киирээри долгуйар. Быраастар этиилэринэн 15-20 мүнүүтэ оҥоһуллара кинини уоскутар.
Августина Слепцова, Дьааҥы улууһун олохтооҕо: "Олус үчүгэй балыыһа эбит. Үлэһиттэр холкулар. Ыйан-кэрдэн биэрэн олус үчүгэйдик көрүстүлэр".
Усуйаана улууһун олохтооҕо 84 саастаах Николай Горохов бүгүн биир хараҕын эпэрээссийэлэттэ. Кини глаукома уонна дабылыанньа буолбута уонча сыл буолбут. Номнуо эпэрээссийэ ситиһилээхтик ааһан, палататыгар сынньана олорор.
Николай Горохов, Усуйаана улууһун олохтооҕо: "Таас харахпын уларытан биэрдилэр. Онон билигин барыта үчүгэй. Оборуудабанньалара үрдүк таһымнаах, онон олох ыарыыта биллибэт".
Харах балыыһата аныгы кэм ирдэбилинэн туттар ньымаларын тупсаран, саҥа технологиялары баһылыыллар, онон харах ыарыытын эмтээһинэ тупсан, үрдүкү таһымҥа тахсарыгар эрэллээхтэр.