Федор Макаров быыстапката турда

61

Худуоһунньук Федот Гаврильевич Макаров 1998 сыллаахха Ленинградтааҕы Иван Репин аатынан академияны ситиһилээхтик бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар төннөн күн бүгүҥҥээҥҥи диэри айа-тута сылдьар. Федот Макаров Саха сиригэр живописец-худуоһунньугунан биллэр, кини академическай оскуола бары ирдэбиллэрин тутуһан үлэлиир, ол эрэн бэйэтэ туспа көрүүлээх, айар буочардаах. Худуоһунньук мастарыскыайыгар буолбакка айылҕаҕа сылдьан уруһуйдуурун ордорор.

"Иэйиим ордук айылҕаҕа, хайаларга сылдьан кэлэр. Киһи айылҕаҕа сылдьан күүс ылар, саҥа көрүүлэри бэйэтигэр арыйар. Салайар туох эрэ баар. Ону киһи киһиэхэ кыайан кэпсээбэт. Хайдах эрэ иэйиигэ киллэрэллэр. Баҕар өбүгэлэрим буолуо. Кэннигиттэн көрөн туран салайар курдуктар", - диэн СӨ урамньытын үтүөлээх дьайыксыта, худуоһунньук Федот Макаров кэпсиир.

Худуоһунньук үбүлүөйдээх быыстапкатыгар барыта 80-ча үлэ көрдөрүүгэ турда. Мантан дьон көрүүтүгэр турбатах, бүтэһик үлэтэ өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт  "Норуоттан тахсыбыт ааттар" диэн  хартыына буолар. Саха автономиятын төрүттэспит, саха норуотун туһугар турууласпыт саха чулуу уолаттара Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов тэрийбит бастакы Сэбиэттэрин сийиэһин кыттыылаахтарын кытта түспүт хаартысканы худуоһунньук үйэлэргэ үйэтиппит.

Федот Макаров, СӨ урамньытын үтүөлээх дьайыксыта, худуоһунньук: "Дьинэ сийиэскэ 102 делегат баар. Оттон хартыынаҕа 69 киһи киирдэ".

Худуоһунньук бу үлэтин сыл уруһуйдаабыт, хас биирдии киһи олоҕун үөрэппит, историяны билэр дьоннортон сүбэлэспит. Улахан күүс-көмө саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Наумов буолбут. Кини  чаҕылхай дьон дьылҕаларын, үлэлэрин дириҥник үөрэппит буолан худуоһунньукка сүбэ-ама буолбут.

"Бу улахан историческай суолталаах хартыына буолар. Олох кыайан быһаарбатах биэс киһилэрин булан биэрбитим. Тоҕо диэтххэ мин “Өрөспүүбүлүкэ” диэн испиктээкил суруйбутум Саха тыйаатырыгар. Ити айымньыбын суруйаары архыып бөҕөнү кэрийэн барыларын аатын туруорбутум",  диэн саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Наумов  этэр.

Олохтоохтору, ыалдьыттары тус историялаах уонна ураты тыыннаах быыстапкаҕа ыҥыраллар.  Быыстапка Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ алтынньы ый 11 күнүгэр диэри көрдөрүүгэ туруоҕа.