Саха сиригэр "Экстра Синема" оҥорон таһаарар сыах үлэтин саҕалаата

91

Петр Чиряев киинэ хайысхатыгар үлэлээбитэ уонча сыл буолла. Үс сыллааҕыта, омук дойдутуттан оборудования кэлэрэ уустуктарын көрсөн,  хамаандатын кытта сүбэлэһэн, бэйэлэрин технологияларынан, киинэ көрдөрөр проектардары оҥорон саҕалаабыттара.

Пётр Чиряев, "Экстра Синема" хампаанньа дириэктэрэ: «Бэйэбит проектордарбытын хомуйан киирэн барбыппыт уонна цифровой платформа оҥорбуппут биһи программистарбыт барытын суруйаннар. Билигин киинэбит барыта интернет нөҥүө уонна антипиратскай харысхаллаах».

"Экстра Синема" хампаанньа билигин Саха сиригэр эрэ буолбакка Арассыыйа эрэгийиэннэригэр тиийэ биллэр. Былырыын Дойду Президенэ Владимир Путин “Экстра Синема” оҥорон таһаарар проектордарын кытта билсэн, проектордары Арассыыйаҕа тарҕатар, кыра нэһилиэккэ киинэ тыйаатардарын тэрийии туһунан былааны өйөөбүтэ.

Пётр Чиряев, "Экстра Синема" хампаанньа дириэктэрэ: «Президеммыт көрөн-истэн, үөрэтэн өйүүбүн диэбитэ. Ол кэннэ бырайыакпыт хамсааһына улаатан, туох баар эрэгийиэннэртэн сайаапка киирэ турар».

“Экстра Синема” хампааньа билигин кэҥиир, Өрөспүүбүлүкэ улуустарын барытын хабан үлэлиир былааннаах. Бу күһүҥҥүттэн сыах үлэтин саҕалаата.

Ирина Гольдерова: «Саха сиригэр “Экстра Синема” оҥорон таһаарар сыах үлэтин саҕалаата. Саҥа сыахха сылга 5 тыһ. проектор оҥоһуллар. Бу саҥа проектордары улуустарынан тарҕатыахтара».

Күн бүгүн сыахха 10-тан тахса киһи үлэлиир. Хас биирдии үлэһит бэйэтэ тус эбээһинэстээх. Андрей Руфов хампаанньа тэриллиэҕиттэн үлэлиир. Бу проектор уратыта диэн бэйэбит оҥорон, хомуйан таһаарабыт уонна сыаната нэһилиэнньэҕэ табыгыстаах. Проекторбыт дьоҕус, киилэтэ 20 тахса эрэ, сыыппара керүҥүнэн киинэлэри көрдөрөр, интернет түргэн буолара ирдэммэт диэн кэпсиир.

Андрей Руфов, "Экстра синема" хампаанньа техничиэскэй салаа исписэлииһэ: «Бу иһигэр сервердаах. Саҥа киинэлэр таҕыстахтарына интернетынан хачайдыыбыт. Бэйэбит киинэ платформалаахпыт, онон эрэ киирэр. Атын киһи хачайдаабат, уорбат».

Мантан ыла Өрөспүүбүлүкэ чугас уонна ыраах хоту сытар улуустара улахан экраҥҥа киинэ көрөр кыахтаннылар. Бу түгэни олохтоохтор олус диэн күүппүттэрэ, саҥа тахсыбыт киинэлэри көтүппэккэ эрэ көрөр буолабыт диэн үөрүүлэрин үллэстэллэр.

Галина Игнатьева, Хачыкаат нэһилиэгин "Сарыал" култуура киинин дириэктэрэ: «Кыһын уонна саас суолбут сабыллар, ол кэмҥэ саҥа киинэ таҕыстаҕына биһи матабыт. Нэһилиэнньэ киинэ көрүөн баҕарар. Атын сиртэн дуогабардаһан аҕалан көрдөрөр этибит».

Мария Аммосова, Эбээн-Бытантай улууһун "Гарпан" этно-култуурунай киинин үлэһитэ: «Үөрэ-көтө ыла кэллибит, олохтоохтор күүтэллэр. Кулууппутун өрөмүөннээтибит».

Алтынньы ыйга араас улуустарга 40 киинэ саалата тэҥинэн аһыллара күүтүллэр. Ол курдук Амма, Аллайыаха, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Өймөкөөн, Ньурба, Кэбээйи уонна да атын улуус олохтоохторо саҥа киинэлэри улахан экраҥҥа көрөр буолуохтара. Хампаанньа инникитин өссө да кэҥээн, Арассыыйа уонна омук дойдуларын кытта үлэлэһэр былааннаах.