Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка 5 тыһ. тахса маҥнайгы куурус устудьуона киирдэ
Главное
-
26 ноября в 04:23Житель Якутска осужден за повторное управление автомобилем в нетрезвом виде с конфискацией транспорта
-
26 ноября в 03:56В Якутии открыто движение по трём участкам автомобильной дороги "Арктика"
-
26 ноября в 03:33Совместное заседание комиссий Госсовета России по энергетике и транспорту прошло с участием главы Якутии Айсена Николаева
-
26 ноября в 03:12В Якутске на линии водоснабжения проводятся срочные ремонтные работы
Быйылгы үөрэх дьылыгар Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка араас хайысханан уопсайа 5 тыһ. тахса саҥа үөрэнээччи киирдэ. Оҕолору устудьуон олоҕор-дьаһаҕар сүрэхтиир сыаллаах тэрээһин маҥнайгы куурустар парадтарыттан саҕаланна. Эҕэрдэ, алгыс тыл эгэлтэгэ этилиннэ.
Анатолий Николаев, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора: «Бастакы куурустарбытын көрдөххө эрчимнээх оҕолор киирбиттэр диэн үөрэн турабын. Киирбит оҕолорго интириэһинэй буолуо, барыларын эҕэрдэлээтим, баҕа санаабын эттим уонна үчүгэйдик үөрэнэн ситиһиилээх дьон буолалларын баҕарабын».
Тэрээһини улахан куурус устудьуоннара ырыанан-тойугунан, үҥкүүнэн-битиинэн киэргэттилэр. Оҕолор оонньоон-көрүлээн бириэмэлэрин бииргэ атаардылар. Үөлээннээхтэрин кытта билсэн-көрсөн үөрэ-көтө сылдьаллар.
Алексей Решетников: «Быйылгы бастакы куурус тэрээһиннэрэ аан маҥнайгытын “Вливайся” диэн ыччат бэстибээлин кытта тэҥҥэ ааһа турар. Манна устудьуоннар университет олоҕун дьаһаҕын кытта, араас уопсастыбыннай хамсааһыннары уонна куруһуоктары кытта сиһилии билсиэхтэрин сөп».
Бэстибээл чэрчитинэн 40-тан тахса уопсастыбаннай хамсааһыннар, куруһуоктар уонна успорт секциялара үлэлэрин маҥнайгы куурус оҕолоругар сырдаттылар, бэйэлэрин кэккэлэригэр угуйдулар. Ол курдук "Уран" үҥкүү бөлөҕө эмиэ сырдатар, көҕүлүүр үлэтин ыытта.
Афанасий Лаврентьев, ХИФУ 3-с кууруһун устудьуона, "Уран" үҥкүү бөлөҕүн солиһа: «Бастакы кууруска киирбит оҕолору бэйэбитигэр тарда сатыыбыт уонна устудьуон олохторо интириэһинэй буоларын курдук. Сайдалларын туһугар, баҕар ким эмит эмиэ үҥкүүнү интириэһиргиирэ буолуо, биһиэхэ кэлэн суруттарыахытын сөп».
Үөрэх дьыла саҕаламмыта саҥа аҕыйах күн ааһан, оҕолор үчүгэйдик өйдүүн-санаалыын устудьуон олоҕор киирэ иликтэр. Онон бу тэрээһин ыччакка күүс-көмө, өйөбүл буолла. Оҕолор олохторун биир эппиэтинэстээх үктэлигэр тахсаннар долгуйуулара үгүс. Хас университекка киирбит устудьуон тугу эрэ саҥаны күүтэр.
"Вливайся" бэстибээл 2022 сылтан тиһигин быспакка сыл ахсын ыытыллар. Быйыл маҥнайгы куурус күнүн кытта биир тэрээһин курдук ыытылынна. Онон икки улахан тэрээһин холбоһон өссө элбэх устудьуону биир сиргэ түмтэ. Салгыы даҕаны кэлэр сылларга элбэх ыччаты үөрдэ туруоҕа диэн тэрийээччилэр бигэ эрэллээхтэр.
Степан Слепцов, ХИФУ устудьуоннар сайдыыларын салаатын салайааччыта: «Бэстибээлбит аата “Вливайся” диэн. Унивеситет активностара бары бу күн саҥа киирбит устудьуоннарга ааннарын арыйаллар».
Аны аҕыйах сылынан, билигин улахан киһи олоҕун кытта саҥа билсэ-көрсө сылдьар ыччат, үөрэҕин бүтэрэн, исписэлиис үрдүк аатын сүгэн өрөспүүбүлүкэтигэр, чугас дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар туһа дьоно буолан тахсыахтара диэн уһуйааччылара, университет салалта бигэ эрэллээхтэр.