Хомуур саҕаланна
Главное
-
26 ноября в 08:31Дьокуускайга автобус сырыыларыгар бу күһүҥҥүттэн уларыйыылар киирдилэр
-
26 ноября в 08:07Многодетных матерей Якутска приглашают принять участие в проекте "Преображение"
-
26 ноября в 07:42Школьники из Якутии одержали победу на Всероссийской олимпиаде "Иннагрика"
-
26 ноября в 07:15В Якутии установили около 20 тысяч пожарных извещателей
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оҕуруот аһын хомуура саҕаланна. Ний Алексей бааһынай хаһаайыстыбатыгар үлэ күөстүү оргуйа турар. Маныаха Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет устудьуоннара үлэ быраактыкатын ааһаллар. Хаһаайыстыбаҕа күүс-көмө буолаллар.
Алексей Андреев ас-үөл уонна пищевой технология хаапыдыратын устудьуона: "Олус туһалаах, талбыт идэбитин баһылыырга бигэ тирэх буолар практика ааһа турар", - диэн сэһэргээтэ.
Ардахтаах күннэр тураннар хаһаайыстыбалар күүстээх хомуурга дьэ киирэн эрэллэр. Билигин кураан күннэри баттаһа үлэ күөстүү оргуйар. Аныгыскы нэдиэлэттэн самыыра суох буолара күүтүллэр. Онон хомуур өссө күүстээхтик ыытыллыаҕа. Халлаан туран биэрдэҕинэ балаҕан ыйын тиһэҕэр диэри үлэ түмүктэниэхтээх диэн олохтоох тыа хаһаайыстыбатын салалтата иһитиннэрэр.
Манна сүрүннээн маҥнайгы куурус устудьуоннара үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Сарсыарда тоҕус чаастан киэһээ алтаҕа диэри бааһынаттан арахпаттар.
"Салгыы 4 сыл устата бииргэ үөрэниэхтээх үөлээннэхтэрин кытта билсэргэ бу ааһа сылдьар быраактыкалара көмөлөспүт” диэн Бөлөх старостата Александр Голиков сэһэргээтэ.
Ний Алексей бааһынай хаһаайыстыбатыгар билигин 15 устудьуон быраактыкатын ааһар. Уһуйааччылара этэринэн "күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн" диэн бэргэн этиигэ толору эппиэттиирдии күлэ-үөрэ бириэмэлэрин атаараллар.
Семён Васильев, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическэй университет ас-үөл уонна пищевой технология кафедратын доцена: "Саҥа үөрэнэ кэлбит оҕолор быраактыкаҕа сылдьан бэйэ бэйэлэрин кытта ыкса билсэллэр. Ону тэҥэ оҥорон таһаарыыга оҕуруот аһа хантан хайдах кэлэрин билэр буолаллар".
Быйыл кураан сайын буолан үүнүү урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ арыый мөлтөх соҕус. Ол эрээри былааны толорор кыах баар. Холобур, бу оҕолор үлэлии сылдьар хаһаайыстыбалара быйыл 150 туонна хортуоска, 180 туонна хаппыыста, 1 туонна арбуз, 80 туонна моркуоп уонна сүбүөкүлэ хоту улуустарга ыытыахтаах.
Юлия Ний, хаһаайыстыба үлэһитэ: "Сайыммыт тымныы. Ол иһин ордук күһүҥҥү бородууксуйаны нэһилиэнньэҕэ таһаарабыт. Хортуоска, моркуоп, сүбүөкүлэ, хаппыыста курдук оҕуруот астарын. Маныаха күн-дьыл олус табыгастаах".
Билигин сибиэһэй оҕуруот аһа номнуо маҕаһыыннарынан атыыга турар. Холобур, Бааһынай ырыынагар хортуоска киилэтэ ортотунан 100 солкуобай, ол эрэн сыана ырыынакка син биир араастаһар. Сорох сирдэргэ 80 солкуобайдааҕы кытта булуохха сөп. Оттон хаппыыста номнуо сыаната түспүт, биир киилэтэ 70 солкуобай буолбут.