Элбэх оҕолоохторго сири биэрии

101

Тулагы-Киллэм сиригэр элбэх оҕолоохторго түҥэтиллибит сир учаастактарыгар уот ситимэ тардыллан, тутуу тыаһа ыраахха диэритин иһиллэр. Тып-тап курдук тутуулаах сабыс-саҥа буруус дьиэ номнуо аҥаарыгар тиийбит. Элбэх оҕолоох ыал кэтэһиилээх дьиэлэрин уопуттаах тутааччыларга итэҕэйбиттэр.

Леонид Колодезников, тутааччы: "Уот киирбитигэр тутуу бөҕө баран эрэр. Гаас киирдэҕинэ өссө үчүгэй буолуо этэ эдэр ыалларга. Биһиги үлэлээбиппит иккис нэдиэлэтигэр барда".

Күн бүгүн Саха сиригэр 34 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал баар. кинилэргэ араах хабааннаах көмө көрүллэр.

Элбэх оҕолоохтору өйүүр миэрэлэртэн биир саамай улаханнара уонна күттүөннээхтэрэ сир биэрии. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 29916 ыал сир учпастагын ыларга сайабылыанньа биэрэн турар, мантан  13 тыһыынча кэриҥэ ыал учаастактарын ылбыттар. Маны сэргэ былырыын олоххо киирбит сокуонунан биир кэмнээх төлөбүрү 2500 тыһыынча ыал туһаммыт.

Сир учаастагын оннугар 200 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүр  уочараты аччатар сыаллаах ылыллыбыт миэрэ. Бу сокуон халыҥ уочараты кыратык да буоллар көҕүрэттэ. Ол эрэн үһүс оҕолоругар көрүллэр сирдэрин өссө да хас эмэ тыһыынчанан ыал кэтэһэр.

Евдокия Лазарева, СӨ Баай - дуол  уонна сирсыһыаннаһыыларын министиэристибэтин сир бэлиитикэтин департаменын салайааччытын солбуйааччы: "Сүрүн уочарат өрөспүүбүлүкэбит киинигэр буолар. Бу күҥҥэ уокаракка уопсайа 14391 ыал турар. Онтон 9 тыһыынча курдуга Дьокуускай куоракка тураллар. Бэриллибит сирдэртэн 3700 курдуга киин куоракка бэриллэн турар".

Онтон бэриллибит сирдэргэ уот ситимин, гаас утаҕын тардыы уонна суол-иис оҥоруу сытыытык турар кыһалҕа. Учаастак ылан баран дьон хастыы эмэ сылы кэтэһэр. Бу боппуруоһу быһаарар сыалтан сыллата өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн туһааннаах үп көрүллэр.

Евдокия Лазарева, СӨ Баай - дуол  уонна сирсыһыаннаһыыларын министиэристибэтин сир бэлиитикэтин департаменын салайааччытын солбуйааччы: "Инфраструктура киллэрии өрөспүүбүлүкэ өттүттэн “Хаачыстыбалаах дьиэни тутуу” диэн судаарыстыбаннай    бырагыраамма чэрчитинэн көмө көрүллэр. Ол курдук 2024 сылга 352 мөл. солк. көрүллэн турар".

Ол курдук быйылгы үбүлээһинтэн 4 тыһыынчаттан тахса ыалга гаас утаҕа тардылынна. Маны сэргэ күттүөннээх үлэ уот ситимин тардыытыгар барда. Онон бу сайын 8300 тахса тиэргэҥҥэ уоттаннылар. Элбэх оҕолоохтор сирдэригэр инфраструктараны сэргэ сир тиийбэтин кыһалҕата сытыытык турар. Бу ордук киин куоракка көстөр 

Сайабылыанньа уопсай ахсааныттан аҥаара Дьокуускай куоракка киирбит. Маныаха чугас эргин сир таһаарар сыалтан Бүлүүлүүр тыраакка итиэннэ Намсыыр уонна Маҕан суолларын эҥээр учаастактары бэлэмнииллэр. Уопсайа 3 тыһыынча кэриҥэ сир оҥоһуллуо. Аҥаардас Намсыыр тыраагар 1200 тахса учаастагы түҥэтиэхтэрэ.

Ыйыллыбыт сирдэргэ билигин докумуон чааһыгар үлэ ыытыллар, итини сэргэ суол-иис оҥоһуллар.