Бааһынай ырыынагар сыана хайдаҕый?
Главное
-
26 ноября в 09:23Дьокуускайга ГАИ инспиэктэрдэрэ маассабай бэрэбиэркэҕэ таҕыстылар
-
26 ноября в 09:11Победителю конкурса "Бриллианты Якутии" вручат уникальный кубок якутских кузнецов
-
26 ноября в 08:58В Нижнем Бестяхе планируется создание мультимодального логичестического центра
-
26 ноября в 08:31Дьокуускайга автобус сырыыларыгар бу күһүҥҥүттэн уларыйыылар киирдилэр
Сибиэһэй саҥа үргэммит отону атыылыыр киоскаҕа уочарат. Отон билигин саамай ситэн турар кэмэ буолан олус бөдөҥ уонна амтана минньигэс. Кыра иһиттэргэ кутан атыылыыллар. Эбэтэр 5-тии, 10-нуу лиитэрэлээх биэдэрэлэргэ. 10 лиитэрэтэ 2500 тыһыынча солкуобай. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан нэһилиэнньэттэн тутуллубут отон, киин куорат дьоно сэргэтэ сир аһын амсайалларыгар, хаһааналларыгар кыах биэрэр, оттон туттарааччыларга бэйэ дохуот оҥостоллоругар.
Ньургуһун Старостина, атыыһыт: "Быйыл отон үүнүүтэ орто. Киин улуустарга үүнүү мөлтөх, отто илин эҥээргэ үүммүт. Үчүчгэйдик ылаллар. Сугун сезона бүтэн, билигин тоҥмуту атыылыыбыт".
Маны тэҥэ олохтоох сир аһыттан барыанньалар куруутун хамаҕатык атыыга бараллар. Сугун 700 солкуобай, моонньоҕон 600 солкуобай, оттон хаптаҕас 800 солкуобайга атыыланар. Билигин Бааһынай ырыынага хомуур кэмэ саҕаланан олохтоох оҕуруот аһын саамай муҥутаан хамаҕатык атыылыыр кэмэ. Ол курдук оҕурсу киилэтин биир мөһөөххө, помидору 150-250 солкуобайга атыылаһыахха сөп. Оттон сүбүөкүлэ, моркуоп киилэтэ 100 солкуобайтан саҕаланар, кабачок 80 солкуобай.
Аким Алексеев, атыылаһааччы: "Оҕуруот аһын сыаната үчүгэй, эппиэттэһэр. Манна наар кэлэн атыылаһабын".
Оҕуруот аһын араас көрүҥэ барыта баар диэххэ сеп. Баклажан, брокколи, кукуруза, тыква, дыня. Арбуз киилэтин 115 солкуобайга диэн быспыттар. Бэл олохтоох клубника баара кими да соһуппат. Киилэтэ 2000 тыһыынча солкуобай. Хомсомуол болуоссатын кыйа номнуо балааккалар турбуттар. Манна улахан хаһаайыстыбалар сыллата оҥорон таһаарыыларын күһүҥҥү кэми баттаһа батараллар. Хомуур кэмэ саҕаланан оҕуруот аһа ырыынакка дьэ хамаҕатык кууһунан киирэн эрэр.
Семен Максимов, атыылааччы: "Сиинэ хортуоската бэҕэһээ киирдэ, бүгүн Уус Алдан хаппыыстата кэллэ. Атыы кыралаан барар, дьаарбаҥкалар саҕаланнахтарына үчүгэйдик ылааччылар".
Хортуоска киилэтэ ортотунан 100 солкуобай, ол эрэн сыана ырыынакка син биир араастаһар. Сорох сирдэргэ 80 солкуобайдааҕы кытта булуохха сөп. Дьон ордук кыһыл хортуосканы ордорон ылар. Оттон хаппыыста номнуо сыаната түспүт, биир киилэтэ 70 солкуобай буолбут. Онон Бааһынай ырыынага билигин "күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн" диэн бэргэн этиигэ толору эппиэттиир.
Атыы-тутуу халлаан туругуттан көрөн алтынньы ортотугар диэри туруоҕа. Онон хаалбыт күннэри баттаһа ким наадыйарын ылынан, кыстыкка хаһаастаах үктэниэҕэ.