Мукучуга кэтэһиилээх оскуола үлэҕэ киирдэ

74

Саҥа үөрэх дьылын баттаһа Кэбээйи улууһугар Иван Егорович Левин аатынан тус предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр Танара уопсай үөрэхтээһинин орто оскуолата саҥа таас дьиэтин үөрүүлээх арыллыыта буолла. Саҥа оскуола дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар түбэһэ арыллыбыта икки бүк үөрүүлээх. Үөрэх дьылын долгуйа күүппүт бастакы кылааска киирэр, оскуола боруогун аан бастаан атыллыыр кырачаан оҕолор, үөрүүлэрин үллэстэн, хоһоон ааҕан иһитиннэрдилэр.

Саҥа оскуола "Үөрэҕирии" национальной бырайыак чэрчитинэн тутуллунна. Икки мэндиэмэннээх, 275 миэстэлээх, киэн-куоҥ, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттиир сырдык кабинеттардаах, лабораториялардаах, аактабай, спорт саалалардаах. Оҕо билиҥҥи кэмҥэ  киэҥ билиилээх, бары өттүнэн сайдыылаах буоларын ситиһэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийиини өреспүүбүлүкэ салалтата инники күөҥҥэ тутар.

Айсен Николаев, СӨ Ил Дархан: «Толору хааччыллыылаах, дизайна бэртээхэй оскуола буолбут. Үөрэхтээһин ирдэбилигэр толору эппиэттиир обруудабанньалаах оскуола тутуллубутуттан биһиги бары үөрэбит. Мукучулар хаарбах туруктаах оскуолаларын оннугар бу курдук тупсаҕай оскуола киирбититтэн үөрүүлэрэ үгүс. Онон инниккитин өссө үчүгэй көрдөрүүлэри күүтэбит».

Танара орто оскуолата, дириҥ историялаах, элбэх көлүөнэ ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ тус кылаатын киллэрсибит, таһаарылаахтык үлэлиир өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас оскуолата буолар. 2012 сылтан агро хайысхалаах, үрдүк көрдөрүүлээх оскуоланан биллэр. Хайысха чэрчитинэн оскуола иһинэн бизнес-инкубатор хаһыс да сылын таһаарылаахтык үлэлиир. Манна оҕолор балык уҥуоҕуттан эгэлгэ оҥоһуктары, киэргэллэри оҥорон таһаараллар, араас минньигэс астары буһаран атыылыыллар.

Варвара Афанасьева, Танара орто оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы: «Бырайыакпыт “Кэбээйи собото” диэн. Маны сэргэ төгүрүк сыл үлэлиир теплица тутулунна. Биһиги нэһилиэнньэни оҕуруот аһынан хааччыйа олорбуппут. Онтон билигин усулуобуйабыт өссө тупсан, үлэбит өссө кэҥиэ».

Саҥа оскуола улууска саҥаны олоххо киллэриигэ утумнаахтык үлэлиир кыһанан биллиэҕэ диэн учууталлар бигэ эрэллээхтэр. 7-с кылаас үөрэнээччитэ Настя Абрамова сөбүлүүр уруога нуучча тыла уонна литературата.

Анастасия Абрамова, Танара орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ: «Олус үөрдүбүт оскуолабыт тутуллубутуттан. Олус өр кэтэстибит. Биһиги уһуйааҥҥа сылдьыахпытыттан туруорсубуттара».

Сылын аайы өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа оскуолалар, эбии үөрэхтээһин уонна оҕо уһуйаанын эбийиэктэрэ тутуллан үлэҕэ киирэ тураллар. Быйыл өссө 13 саҥа оскуола, 4 оҕо уһуйаана үлэҕэ киирэрэ былааннанар.