Быйыл устудьуоннар тупсаҕай уопсайдарга киирдилэр
Главное
-
26 ноября в 10:28Глава Якутии призвал приступить к проектированию железной дороги от Якутии до Магадана
-
26 ноября в 10:02В Якутию с рабочим визитом прибыла руководитель комитета семей воинов Отечества Юлия Белехова
-
26 ноября в 09:41Владимир Сивцев: На сегодняшний день забиты 24 сваи под опоры Ленского моста
-
26 ноября в 09:23Дьокуускайга ГАИ инспиэктэрдэрэ маассабай бэрэбиэркэҕэ таҕыстылар
Үөрэх дьыла саҕаланан билигин устудьуоннарга олох-дьаһах күөстүү оргуйар. Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэккэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан ыччат тоҕуоруһа муһунна. Маныаха 17-с нүөмэрдээх устудьуон уопсайыгар киирии бара турар. Быйылгы үөрэх дьылыгар уопсай 500 устудьуону олордуоҕа.
Матрёна Ноговицына, 17№ -дээх уопсай дьиэ комендаана: “Сыл аайы уопсайга бастыҥтан бастыҥ оҕолор кэлэллэр. Билигин оҕом оҕолоро кэлэллэр диэххэ сөп. Оҕолор сып-сырдыктар, ып-ыраастар, үөрэххэ тардыһыылара күүстээх, өйдөрө-санаалара уларыйбыт”.
Докумуон тутуутун үлэтигэр актыбыыстар күүс-көмө буолаллар. Ол курдук Уйусхан Дордосов 4 сыл устудьуоннуурун тухары уопсай олоҕор-дьаһаҕар көхтөөх кыттыыны ылар. Актыбыыс этэринэн, 17-с уопсай номнуо иккис дьиэтин кэриэтэ, онон иллэҥ кэмигэр тапталлаах уопсайыгар үлэлиирин-хамсыырын туохтааҕар да ордорор.
Уйусхан Дордосов, устудьуон, актыбыыс “Актыбыыстар сыл аайы хамыыһыйаҕа олоробут. Оҕолору уопсайга киллэртиибит. Маҥнайгы куурус оҕолоругар бары өттүнэн көмөлөһөбүт”.
Улахан куурустарга уопсайга киирии атырдьах ыйын 26 күнүттэн саҕаламмыта. Оттон маҥнайгы куурустарга атырдьай ыйын 28 күнүттэн. Онон устудьуоннар улахан аҥаардара номнуо оннуларын булан хосторугар киирэн олороллор.
Надежда Винокурова, устудьуон “Түннүк сабыыта, атах таҥаһа уурар полка, уопсайынан туох барыта баар. Номнуо иккис сылбыт уопсайга үчүчгэйдик олоробун”.
Сыл ахсын бытархай өрөмүөн үлэлэрэ тиһиктэрин быспакка бараллар. Маны таһынан быйыл сайын ыытыллыбыт бүтүн аан дойдутааҕы 8-с “Азия оҕолоро” оонньууларынан сибээстэн, үгүс уопсайдарга хапытаалынай өрөмүөннэр аастылар. Онон оҕолор олорор усулуобайалара тупсаҕай.
Уопсайга 1 миэстэ төлөбүрэ ыйга 1426 солкуобай буолар, былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ 187 солкуобайынан үрдээбит. Тулаайах оҕолор, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр оҕолоро босхо олорор бырааптаахтар.
Тимур Филиппов, Устудьуон куоратын дириэктэрин солбуйааччы “Быйылгы үөрэх дьылыгар устудьуон куоратыгар оупсайа барыта 13 уопсайга 5600 куойка миэстэ тыырылынна. Онтон 1638 бастакы куурус устудьуоннарыгар. Маҥнайгы куурус оҕото клиникабытыгар көрдөрүнэр, онтон дуогабар ылар, уопсайын төлүүр. Ол кэннэ уопсайыгар киирэр”.
Уопсай хас биирдии устудьуоҥҥа иккис дьиэтин кэриэтэ. Онон олорорго сөптөөх усулуобуйа баар буоллаҕына, үөрэх таһаарыылаах, ситиһиилээх буолар.