Дьокуускайга Госавтоинспекция үлэһиттэрэ сэрэтэр уонна өйдөтөр үлэни ыыталлар
Главное
-
26 ноября в 11:25Декада Олонхо проходит в Якутии
-
26 ноября в 11:00В Вилюйском районе на региональной дороге "Эдьигээн" пробили 150 км автозимника
-
26 ноября в 10:57В историческом парке Якутска открылась выставка в честь 125-летия Степана Аржакова
-
26 ноября в 10:45Более шести с половиной тысяч жителей Якутии заблаговременно подали документы для назначения пенсии
Билигин оҕолору тиэйэр автобустар сотору кэминэн үлэлэригэр тахсаары бэлэмнэнэллэр. Суолга-иискэ тупсаҕай көстүүлээх буолалларын туһугар сууйаллар-тарыыллар. Маны таһынан көлө техническэй туругар эмиэ улахан болҕомто уураллар.
Георгий Васильев, Дьокуускайдааҕы суол-иис сулууспатын техническэй кэтээн көрүүгэ старшай судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ. Полиция капитана: «5 сылларыгар дылы автобустар сылга биирдэ техосмотр бараллар онтон 5 сылларыттан тахсыбыттар сылга иккитэ ааһаллар».
Оҕолору таһар көлө суоппардарыгар ирдэбил кытаанах. Холобур суоппар биир сыл устата административнай сокуону кэһэ сылдьыбыт буоллаҕына уруулга олорорго көҥүл бэриллибэт. Маны таһынан тиэхиникэ хайаан даҕаны саһархай дьүһүннээх уонна уотунан тыгар тэриллэрдээх буолуохтаах. Чааска 60 килэмиэтиртэн түргэн ускуораһы тутуо суохтаах.
Билигин төрөппүттэргэ эппиэтинэстээх кэм. Үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Оҕо суолга-иискэ сэрэхтээхтик сылдьарын, куттала суохтук үөрэҕин кыһатыгар тиийэрин толору хааччыйыахтаахтар, үөрэтэр-сэрэтэр үлэни ыытыахтаахтар. Төрөппүттэргэ Госавтоинспекция үлэһиттэрэ көмө буолаллар. Ол курдук Хомсомуол болуоссатыгар ыытыллар дьаарбаҥка сиригэр "Безопасный путь в школу" диэн тэрээһини ыытыллар. Манна “Лаборатория безопасности” үлэһиттэрин кытта оҕолор уонна төрөппүттэр суол быраабылаларын төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр.
Жанна Макарова, Дьокуускайдааҕы суолга куттал суох буолуутун хааччыйар сулууспа сырдатар үлэҕэ иниспиэктэрэ: «Үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ төрөппүттэргэ санатыам этэ, оҕолоргутун кытта баһаалыста суол быраабылатын хатылаан. Маҥнайгы кылааска барааччыларга үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ сөптөөх суолун, ханан суолу туоруохтааҕын барытын көрдөрөн биэрин. Суол быраабылатын күн аайы хатылыы сылдьыҥ».
Оҕолор оонньуу нөҥүө суолга-иискэ сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин үөрэттилэр, бириэмэлэрин бэһиэлэйдик уонна саамай сүрүнэ туһалаахтык атаардылар. Дьонтон суол быраабылаларын төһө тутуһалларын ыйыттыбыт.
Санатан этэр буоллаххына бу сыл саҕатыттан киин куоракка 2214 суол саахала бэлиэтэннэ, 362 киһи эчэйдэ, ол иһигэр 72 оҕо, хомойуох иһин 2 оҕо суорума суолланна. Онон Госавтоинспекция үлэһиттэрэ оҕолорго суол быраабылаларын үөрэтиҥ, суолга-иискэ сэрэхтээхтик тутта-хапта сылдьалларын хонтуруоллааҥ диэн төрөппүттэри сэрэтэллэр.