Хапсаҕайга аан дойду чемпионата ситиһиилээхтик түмүктэннэ
Главное
Ааспыт өрөбүл күн Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтин киинигэр Бишкек куоракка ыытыллыбыт аан маҥнайгы Хапсаҕайга аан дойду чемпионата ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Аан дойду чемпионнарынан кытаанах киирсиилэр кэннэ буоллулар 57 киилэҕэ Пантелеймон Николаев, 65 киилэҕэ Петр Константинов, 75 киилэҕэ Тимур Николаев, 85 киилэҕэ Роман Николаев. Бу саха успуордун историятыгар улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ барыта холбоон араас дойдуттан 150 күүстээхтэн күүстээх бөҕөс кыттыыны ылла. Салгыы ыытыллыбыт тэрээһин туһунан түмүк санааларын Хапсаҕай норуоттар икки ардыларынааҕы бэдэрээссийэтин бэрэсидьиэнэ Вячеслав Нестеров үллэстэр.